Page 213 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 213

да тутуллубат, быһаарыллыбат буолбут этэ… Халлаан архыы-
         батыгар барыта суруллан, ыйыллан бүппүт этэ… Иккиэн тиһэх
         үрүүмпэлэрбитин  охсуһуннаран,  ыга  куустуһан,  сарын-санны-
         бытын таптайсан бырастыылаһан арахсыбыппыт…
            Ы л д ь а а. Дьэ диэтэҕиҥ… Бу өлөрсөөрү туран…
            С и л и п. Аны  көрсөр  биллибэтин  сүрэхпитинэн-быарбы-
         тынан иккиэн таайдахпыт дии… Төһө да онно субу өлөрсөөрү
         турдарбыт, эмискэ туох эрэ быстах санаа кэлэн… Суох, быстах
         санаа  буолбатах,  ол  Ньукуола  иннинээҕи  иэдээннээх  түүҥҥэ
         ириэрбит, өйөөбүт санаа кэлэн биһигини ыга кууспута… Мин
         таһырдьа  турар  харабылларга  бирикээс  биэрбитим,  кинилэр
         Мэхээлэҕэ  атын  көлүйэн,  саатын  биэрэн,  аарааҥҥа  диэри
         атаа ран биэрбиттэрэ…
            Ы л д ь а а. Ол сарсыныгар биһиги Аяҥҥа турбуппут…
            С и л и п. Тиэтэйдэхпитинэ  эрэ  сатанар  этэ.  Кыратык  да
         хойутаабыппыт буоллар кыһылларга киирэн биэриэх этибит…
            Ы л д ь а а. Ол эрээри мин эйигин син биир өйдөөбөппүн —
         кини төһө да эн доҕоруҥ буолбутун иһин, төһө да норуот иһин
         буолан кыһылларга холбостор — кини син биир кыһыллар диэ-
         ки буоллаҕа. Ол аата син биир биһиги өстөөхпүт буоллаҕа.
            С и л и п.  Эн  ону  син  биир  өйдүөҥ  суоҕа…  Чэ,  Ылдьаа,
         өһүргэнимэ…  Мин  эмиэ  эн  курдук  этим…  Бу  үрүҥ,  бу  кыһыл
         эрэ диэн араарарым… Ити кини, Мэхээлэ, онно миэхэ эппитэ,
         кыһыллар  ханан  баралларын,  ханна  биһигини  кэтэһэллэрин.
         Өскөтүн кини миигин сэрэппэтэҕэ буоллар биһиги кыһылларга
         тутуллуо этибит.
            Ы л д ь а а. Ити кырдьык дуо?
            С и л и п. Кырдьык буолбакка…
            Ы л д ь а а. Оччоҕо эн тоҕо миэхэ ону эрдэ эппэтэххиний?
            С и л и п. Тоҕо?
            Ы л д ь а а. Оттон  оччоҕо  мин  Мэхээлэни  атыннык  саныам
         этэ…
            С и л и п. Оттон ол тугу уларытыа этэй? Син биир буоллаҕа
         билигин… Кини — онно, биһиги — манна… (Пауза.) Ычча, эмиэ
         тымныйан барда, Ылдьаа, көмүлүөккэр маста быраҕа түспэк-
         кин ээ…
              Ылдьаа эмиэ хибатига чох быраҕар. Таһырдьа дьахталлар күлсэн
             саһыгыраһаллар. Муусука тыаһа күүһүрэр. Силип мас дьааһыктартан
               оҥоһуллубут ороҥҥо сытар. Ылдьаа муостаҕа оҥостон сытар.
            С и л и п. Алаас ортотугар соҕотох бэс…
            Ылдьаа. Ээ?

                                                                      213
   208   209   210   211   212   213   214   215   216   217   218