Page 211 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 211
биппит. Биир сону кэтэн, биир суорҕаҥҥа сууланан, биир аһы
аһаан сылдьыбыппыт…
Ы л д ь а а. Оччоҕуна тоҕо эһиги суолгут атырдьах мас са-
лаатыныы араҕыста? Тоҕо?.. Тоҕо?.. Ону этэн кулу эн миэхэ.
Пауза.
С и л и п. Эн син биир миигин өйдүөҥ суоҕа… Өйдүөххүн
баҕарбытыҥ да иһин… Ити биһиги тус бэйэбит эрэ дьыала-
быт…
Ы л д ь а а. Оттон өйдөт ээ… Баҕар, өйдөөйөбүн… Кыһыл-
ларга бэриниҥ диэн кэлэ сылдьыбытын бу курдук өйдүүбүн…
Арыылаахха этэ дии?..
Пауза.
С и л и п. Ол биһиги тиһэх көрсүһүүбүт этэ. Арыылаах таҥа-
ратын дьиэтигэр… Кини бэйэтэ тылланан кэлбит этэ миэ-
хэҕэ — бииргэ үөскээбит доҕорум диэн, мин кинини ылынна-
рыам, сэбиэскэй былааска бэриннэриэм диэн… Мин киниттэн
онно сөхпүтүм… Суох, кини куттас киһи буолбатах… Кини ол
кыһыллар чыыннарыгар-хааннарыгар наадыйбат, кини эмиэ…
эмиэ мин курдук норуот туһугар диэн сылдьар киһи… Мин он-
но отой сүөм да саҕаны саарбаҕалыырым суох… Ол чааһы-
гар мин чахчы киниэхэ эрэллээхпин… Мэхээлэлиин биһиги
ол онно, таҥара дьиэтин иһигэр түүнү быһа кэпсэппиппит…
Аһаҕастык, уун-утары чүмэчи уотун сырдыгар көрсөн, ары-
гы иһэ олорон кэпсэппиппит… Онно туох диэн биһиги бэ йэ-
бэйэбититтэн кис тэһиэхпитий, бэйэ-бэйэбитин албынныы са-
тыахпытый… Уун-утары эркинтэн Боҕороодьусса таҥара бэ-
йэтинэн көрөн турара…
Ы л д ь а а. Һы! Ол эн таҥараҕын кыһыл буолбут киһи итэ-
ҕэйэр үһү дуо?
С и л и п. Итэҕэйдин-итэҕэйбэтин, ол ону мин билбэппин…
Мин биири эрэ билэбин — кини кыһыл буолбатаҕын… Кини но-
руотун эрэ иннигэр ол кыһыл сибиэҥҥэ холбоспутун… Ол иһин
мин бу кэлин түүннэри муучу буоллум — хайабыт сыыспытын,
хайабыт таппытын… Мин дуу, кини дуу?..
Ы л д ь а а. Эмиэ… Эмиэ эн саҕалаан бардыҥ… Мин маа-
ҕын эйиэхэ эппитим дии, итинник дии санаама диэн. Ким
саха үтүөтүн, кини иннигэр сылдьар күөнүн, саха үөрэхтээҕин
өлөртөөтө-өһөртөөтө? Ким саха олоҕун тимир күөрчэхтии
ытыйан огдолутта? Ким Ньукуола кэннигэр саха үөрэхтээҕин
саа уоһугар туруорда? Онно-манна көскө-хаайыыга утаарда?!
Ким?! Ким боростуой отчут-масчыт саханы, бэйэтин быраа-
211