Page 206 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 206
Ф у м и к о — 20 саастаах кыыс.
Йокохама куорат. 1925 сыл, кыһын.
БАСТАКЫ ТӨГҮЛЭ
Хараҥа сыана ортото аргыый аҕай сырдаан кэлэр. Ол сырдыкка
Ы л д ь а а тобуктаан олорор. Кини, дьоппуон курдук тоҥхоҥнуу-тоҥхоҥнуу,
дьоппуоннуу саҥаран киирэн барар. Ылдьаа илиитигэр тэтэрээттээх.
Ы л д ь а а. Конитива! (Ылдьаа саҥатын ис хоһооно ман-
нык: Мин аатым Даркыылап Ылдьаа диэн. Мин сааһым сүүрбэ
биэс. Ойох, оҕо диэн суох. Миэхэ үлэ наада. Мин дьоппуон-
нуу өйдүүбүн, кыратык саҥарабын. Ону таһынан нууччалыы
үчүгэйдик саҥарабын, суруйабын. Омугум — саха. Мин хайа
баҕарар үлэни толоруохпун сөп, ханна баҕарар ыыттаххытына
барыахпын сөп. Миэхэ бу манна олорорбор үлэ наада. Мин
дойдубар төннөр кыаҕым суох. Онно бассабыыктар. Ол иһин
онтон куотан манна олорбутум үс сыл буолла. Болҕойон ис-
тибиккитигэр махтанабын.)
Эмискэ ыраах борохуот гудуогун улуйар тыаһа иһиллэр. Ылдьаа эмискэ
ах барар. Кини дьүһүнүгэр туох эрэ курус, санньыар санаа көстөн кэлэр.
Өр саҥата суох олорор, ыраах иһиллэр борохуот хаһыытын иһиллээн.
Ылдьаа (сибигинэйэр). Тикуго-мару… Кырдьык, кини…
Кумано-мару хаһыыта атын… Кэһиэхтээх уонна хатан соҕус…
Оми-мару дуу? Кини эмиэ бу күннэргэ Кытайга айанныахтаах
этэ… Суох, атын… Ити, кырдьык, Тикуго-мару… Уонна бүгүн
өрөбүл. Ол аата, кырдьык, кини…
Өр саҥата суох олорор. Таһырдьа куорат тыаһа. Муусука, күлсүү,
дьоппуоннуу саҥа иһиллэр. Аан тыаһыыр. Ылдьаа ойон турар.
Тэтэрээтин кистиир. Таһырдьаттан С и л и п киирэн кэлэр. Кини итирик.
Илиитигэр бытыылка аҥаара арыгылаах.
Ы л д ь а а. Силип… Ханна сырыттыҥ, Силип?.. Туох буол-
луҥ?.. (Пауза.) Эмиэ борокуот атаара портка сырыттыҥ дуо?
Тугуҥ наадатыгар эн онно сылдьаҕын? Тоҕо?.. (Пауза.) Ба-
рыахтаах борокуот бардын ээ, онно эн тугуҥ кыһалҕатай?
Баран көрөөхтөөтүн… Бэйэҕин бостуой моруу гынаҕын, кук-
кун-сүргүн аймыыгын… (Пауза.) Син-биир оттон туох да туһа
тахсыа суоҕа… Биһиги бэйэбитигэр эрэ эрэниэхтээхпит. Өй-
дүүгүн дуо ону? Бэйэбитигэр эрэ… Манна биһиэхэ ким да
кэлэн көмөлөһүө суоҕа… Ким да бэлэми аҕалан: «мэйиҥ, бу
баар эһиэхэ харчы, бу баар үлэ» диэн этиэ суоҕа… Манна эн
биһиги иккиэбит эрэ… Өйдүүгүн дуо? Иккиэбит эрэ — эн уонна
мин… Эн биһикки бэйэбитигэр эрэ эрэниэхтээхпит. Онто суох
бу манна биһиги… бүтүөхпүт. Улуу дьоппуон омуга онтон туох
206