Page 204 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 204
лар. Киниттэн үтүрүйтэрэн, куттанан, биһиги төрүппүт Бөтүкэт си-
риттэн илин тыаҕа Хара Бытык алааска ордууланар. Ол иһин ойуурга
куоппут Ойуку диэн аат иҥмит. Онон төрүттэрим ааттара.
— Сэһэнтэн аахтахха, суруйааччы буолуугар олук уурбут киһиҥ
аҕаҥ эбит.
— Аҕабыт былыргы үһүйээннэри, истибит ырыаларын тылын-өһүн
төбөтүгэр тута сылдьара. «Тыгын кырдьаҕас саҕаттан», «Саргылар -
даах сахаларбыт», «Туллук-туллук доҕоттор» диэн ырыалары ыллыы-
ра. Эр Соҕотох Эллэй, Тыгын Тойон, Малдьаҕар оҕонньор Ньырба-
каан, Ньэгэбил, Чарапчылаах уонна Күстэх ойуун тустарынан номох-
тору кэпсиирин салгыбакка истэрим. Кини ордук «Тыгын кырдьаҕас
саҕаттан», «Саргылардаах сахаларбыт» ырыалары биһириирэ. «Тыл-
лара-өстөрө, үчүгэйэ бэрт, сүтэн-өһөн хаалыахтара буоллаҕа», —
диэн, ыллыы-ыллыы суруйтарара. Аҕам бу ырыаны айбыт дьон сытыы
өйдөрүн, уус тылларын хайгыыра. Өбүгэ саҕаттан хаалбыт номохтору,
үһүйээннэри, ырыалары сыыска-буорга түһэрбэккэ тиһэ сырыт диэн
такайара.
— Эн нуучча норуодунай ырыаларын олус үчүгэйдик толороҕун,
киһи иһиттэр истэ олоруон курдук. Кыыһыҥ Уруйдаана, сиэниҥ Сай-
сары Куо — эмиэ саха истээччитин кутун туппут ырыаһыттар.
Оҕо эрдэххиттэн күҥҥүн-дьылгын былаанныыр, олох туһунан
бэйэҥ толкуйдаргын ырытан, ыараҥнатан көрөр үөрүйэҕи иҥэрим-
митиҥ үчүгэй эбит.
— Күннүгү сурунуу киһини сааһылыыр, бэрээдэктиир. Туруоруммут
соруктары толорууга эбээһинэстиир. Урут үгүс оҕо күннүк сурунар
буолаллара. Мин күннүктэрим оскуолаҕа үөрэнэр уонна үс сыл устата
туристыыр кэммиттэн саҕаламмыттара.
Айысхаана
204