Page 199 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 199

гар ордук Мотрёна Васильевнаны аһынабын. Хас сыл бииргэ
         туристаатыбыт,  бохуоттаатыбыт.  Туох  баар  баҕа  санаабытын
         үллэһиннибит.  Суруйбут  бастакы  хоһооннорбун  сыаналааччы
         эмиэ кини этэ. Ити кэмҥэ Мотрёна Васильевна Елена Дани-
         ловнаҕа:
            — Павлигы  кытары  бэйэм  кэпсэтиэм,  —  диэн  тахсарыгар
         көрдөстө.
            Кылааһым салайааччыта тахсан барда.
            Мотрёна  Васильевна  биһиги  бачыыммыт  суолтатын,  бүтүн
         өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕаммытын, оскуоланы хайаан даҕа-
         ны бүтэрэр наадатын кэпсээн барда. Мин, улаханнык сэҥээр-
         бэккэ, бүтэйдии истэбин эрэ. «Бэйэм даҕаны баҕарбат үһүбүн
         дуо?..  Ол  үрдүнэн  кыайтарбата.  Оскуоланы  даҕаны  бүтэрбэ-
         тэхтэр кимнээҕэр үлэлээн-хамсаан олороллор, мин даҕаны ки-
         нилэртэн  хаалсыам  суоҕа…»  —  испэр  эбии  өсөһөбүн.  Онуоха
         Мотрёна Васильевна сыччах биир этиитэ ол тыҥаабыт санаа-
         бын тиэрэ эргитэн кэбистэ:
            — Павлик,  эн  учууталлар  хаһан  даҕаны  сыыстарбаттара
         буо луо диигин дуо? Учууталлар истэригэр эмиэ араас майгы-
         лаах дьон баар.
            Ити тыллартан миэхэ хайдах эрэ чэпчэки баҕайы буолла. Ол
         аата  кини  миигин  аҥаардастыы  буруйдаабат  эбит.  Кырдьык,
         учууталлар даҕаны араастар.
            — Кэбис, тахсаҥҥын үөрэнэн бар. Биһиги Арсентий Терен-
         тьевиһи кытары Евдокия Егоровнаны ыҥыран кэпсэтиэхпит, —
         диэн үөртэ.
            Ытыктыыр эрэ учууталым Мотрёна Васильевна мөхпүтэ да-
         ҕаны,  сүбэлээбитэ  даҕаны  мин  кырдьыгым  ситиһиллэр  суо-
         лун, билигин аҕай сүтэрбит эрэлбин, биирдэ төнүннэрдэ. Кини
         итинник  эппит  тыла  миигин  туора  көрбүт  дьоҥҥо  ханан  да
         баттаппат, самныбат күүстээтэ. Ити аата миигин атаҕастаппат
         дьон учууталларым ортотугар эмиэ бааллар эбит.
            Ыам  ыйын  23  күнэ.  Нуучча  тылыгар  биһиги  кылааспы-
         тыттан  үс  үөрэнээччигэ,  ол  иһигэр  миэхэ,  сыана  турбатах.
         Биэс чааска оскуолаҕа Трифонова Таня, Ефремова Света уон-
         на  мин  буоламмыт  ыҥырылынныбыт.  Евдокия  Егоровна  икки
         кыыһы дуоскаҕа таһааран урут эппиэттэттэ. Миигин ыйыппата
         даҕаны.  Кыргыттары  ыыталаан  баран,  соҕотохтуу  хаалларан,
         кэпсэттэ. Эксээмэҥҥэ киллэрэр буолла.
            Оо,  арыт  бэйэм  туспар  дьонтон  кыра  да  кыһамньыны,
         итэҕэли,  истиҥ  сыһыаны  биллэхпинэ,  төһөлөөх  долгуйабы-
         ный.  Үөрүүбүттэн  тылбыттан  матабын,  харахтарым  ууланал-

                                                                      199
   194   195   196   197   198   199   200   201   202   203   204