Page 194 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 194

оҥостор. Ол миэхэ олус ыарыылаах. Хайыамый, биллэрбэккэ
             буола сатыыбын.
                Чугастык саныыр киһиҥ, баҕар, учууталыҥ да буоллун, эйи-
             гин  аҥаардастыы  мөҕөн,  сэмэлээн,  үтүө  суолга  аҕалыа  дуо?
             Мин саныырбынан, атыттары, баҕар, аҕалыаҕа, оттон миигин
             төттөрү тэйитэр, эбиитин өсөһүннэрэр.
                Ахсынньы 4 күнэ. Тымныы. Утары тыаллаах. Ганялыын ик-
             киэн  сатыылаатыбыт.  Быйыл  арыыга  дьоммор  хаста  даҕаны
             киирдим-таҕыстым,  ол  тухары  соҕотоҕун  сатыы  сылдьабын.
             Үксүгэр маннык утары тыаллаах күҥҥэ түбэһэбин. Утары тыал-
             га дьоллоох дьон айанныыллар үһү. Тоҥоллоро-хаталлара то -
             ҕо дьол буолара эбитэ буолла? Кырдьык даҕаны, мэлдьи сы-
             лааска-сымнаҕаска,  тыал  хоту  сырыттаххына,  эрэйи-кыһал-
             ҕаны  хантан  билиэҥий?  Бэйэҥ  эрэйдэммэккэ  сылдьаҥҥын,
             атыттары өйдүөҥ суоҕа. Хаамсан иһэммит сээкэйи кэпсэтэбит.
             Үлэ,  олох  туһунан  аҕыйахта.  Эдэр  саас,  дьол,  таптал  туһу-
             нан — суолу быһа. Ганя миигиттэн:
                — Кыыстаах инигин? — диэн ыйытта. — Кистээмэ, кимиэхэ
             да этиэм суоҕа, — андаҕайан туран, суолу быһа хаайда.
                — Суох ээ… — кырдьыкпын этэбин.
                Бэйэм  буоллаҕына  харахтарбар  суолум  устата  кинини  эрэ
             көрөн,  санаабынан  ойуулаан  иһэбин.  Арай  манна  сэргэстэһэ
             хаамсан иһэр буоллун?
                Таптал диэн тылынан сатаан этиллибэт, сүрэҕинэн эрэ таа-
             йыллар, хараҕынан талан ылар, эн суолгар туораттан холбос -
             пут күлүмүрдэс, тырымнас сулуһуҥ быһыылаах. Кини мин ту-
             лабын  барытын  сырдатар,  күндү,  кэрэ  оҥорор.  Кинини  мин
             кистээн  таптыырым  тапталбын  эбии  күүһүрдэргэ  дылы.  Атын
             кыргыттар ортолоруттан ала-чуо кини эрэ саҥатын, куолаһын
             истэбин.  Оскуола  көрүдүөрүнэн  хаһан  көстөн  ааһарын  күүтэ -
             бин.  Элэкис  халты  көрсөн  аастахпытына,  күннэтэ  дьолло-
             нобун.  Кинини  харахпынан,  санаабынан,  баҕам  хоту  оҥорон
             таптыыбын. Алҕас биллэҕинэ, баҕар, сэниэҕэ, хоргутуоҕа диэн
             куттанабын.  Бастакы  тапталгыттан  аккаас  ылан  бараҥҥын,
             атыны  хайдах  таптыахха  сөбүй?  Таптал  бааһа  оһор,  уруду -
             йар дииллэр. Ама, кырдьык буолуо дуо? Дьоннор олохторугар
             тапталларын биирдэ эрэ көрсөллөр үһү. Мин, кырдьык, итини
             итэҕэйэбин.
                Тараҕай  арыытыгар  кэллибит.  Суолтан  туораан  арбах  үөт
             турар.  Тохсус  кылааска  үөрэнэ  сылдьаммын,  ол  үөккэ  кини
             аатын бэйэм ааппын кытта холбуу, быһахпынан оҥо хаһан су-
             руйбутум.  Соҕотохпор,  суолтан  туораан  тахсаммын,  ону  кэ-

              194
   189   190   191   192   193   194   195   196   197   198   199