Page 197 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 197
дутун, норуотун туһугар иитиллибит патриотизмын, төлүөхтээх
иэһин көрдөрдүгүт, — диэн тоһоҕолоон туран бэлиэтээтилэр.
Холкуос бырабылынньата уонна оскуола дьаһылҕата биир
сыл үлэлииргэ диэн баран, көрдөрүүгүт көдьүүһэ суох буо-
лууһу, икки сыл үлэлииргит бэйэҕитигэр ордук буолуоҕа диэн
түмүккэ кэллилэр. Оскуола уонна холкуос икки өттүттэн харда-
рыта дуогабар түһэрсэргэ сөбүлэһии буолла. Ол дуогабарбыт
быһыытынан сөбүлэстибит:
1. Биһигини ыспакка, биир фермаҕа олохтоон, үлэлэтэллэ-
ригэр.
2. Биир уопсай дьиэҕэ олордоллоругар.
3. Үлэлээбиппит иккис сылыгар үрдүк үөрэххэ туттарсар-
бытыгар бэлэмнэнии кууруһун аһалларыгар.
4. Үлэлии тахсарбытыгар бастаан утаа биирдии мөһөөх
харчынан көмө оҥороллоругар.
Ким да утарбата, бары куоластаатыбыт. Барыта ылылынна.
Холкуос салайааччылара үлэлиир сирбитигэр, үөрэнэр ос-
куолабытыттан үс биэрэстэлээх сиргэ, ааттыын даҕаны олохпу-
тугар суол арыйар «Аартык» диэн Сата ферматыгар олохтуох,
олорор саҥа дьиэни тутуох, эргэ хотону саҥардыах буоллулар.
Ыам ыйын 13 күнэ. Бу күннэргэ нуучча тылын учуутала Ев-
докия Егоровнаны кытары сыһыаммыт эмиэ уустугурда. Уруо-
гар миигин эрэ хасыһан тахсар. Нуучча тылын билбэппинэн
уонна сатаан саҥарбаппынан сирэй-харах анньар. Мөҕөрү-
гэр ис-иһиттэн тымныытык, өһүөмньүлээхтик көрөр. Мин ону
сөбүлээбэппин. Кини миигин кылааспар хаалларыах буолан
сааммыта ыраатта. Кырыктаах харахтарынан батыһыннара ба-
тары көрөр уонна, кылаастан хаһан тахсаммын, кини тыынар
салгынын ырааһырдарбын күүтэр быһыылаах. Ити курдук хаста
даҕаны үүрүлүннүм. Тоҕо үүрүллэрбин да соччо өйдөөбөппүн.
Мин таптыыр эрэ учууталларбыттан үөрэниэхпин, хайҕа-
ныахпын да, сэмэлэниэхпин да тэҥҥэ баҕарабын. Оттон ки-
ниэхэ уонна киниттэн… суох!
Ыам ыйын 22 күнэ. Нуучча тылын учуутала бэлэмнэнии
уруогуттан холдьохто: «Эн тахсан барбат буоллаххына, мин
тахсабын», — диэтэ. Хайыамый, мин таҕыстым. Ол сарсыны-
гар, кини баарыгар, соруйан бэргэһэбин устубаккабын паар-
талары быыһынан кылаас түгэҕэр аастым. Учууталым миигин
бастаан батары көрдө: «Бар, кылаастан таҕыс! Манна конюш-
ня буолбатах! Мин уруокпар букатын сылдьыма!» — диэн кы-
таанахтык мөхтө. Өйтөн суруйуохтаах этибит, кылааспыттан
эмиэ үүрүлүннүм. Бу иннинэ кылааһым оҕолоро Евдокия Его-
197