Page 196 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 196

үөһэ этэн биэрэ сатыыллар. Төбөбөр тугу да ыйдаҥардыбакка
             дуос каҕа  хам  бааллан  турарыттан  ордук  кыбыстыылаах  туох
             баар үһүө? Бэйэбин кыранабын. Атыттар хайдах эрэ суоттуул-
             лар,  оннооҕор  «туйгун»,  «үчүгэй»  сыаналары  ылаллар.  Киһи
             киһиэхэ тиийбэтэ сүрэ бэрт. Санаам түһэр, ыгыллабын, ытаа-
             баппын эрэ…
                Кулун тутар 7 күнэ. Оптуорунньук. Бүгүн биһиги олохпуту-
             гар умнуллубат күн үүннэ. Онус «а» уонна «б» кылаастары хол-
             боон, уопсай партийнай мунньах тэрийдилэр. Оскуола партий-
             най  тэрилтэтин  сэкирэтээрэ  Степан  Агеевич,  дириэктэрбит,
             оскуола  хомсомуол  тэрилтэтин  сэкирэтээрэ,  кылааспыт  са-
             лайааччылара бааллар. Сталин аатынан холкуос парткома Ми-
             хаил Николаевич, холкуос хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээрэ
             Александра  Матвеевна  кэлбиттэр.  Мунньаҕы  Степан  Агеевич
             арыйда.  Ол  кэнниттэн  Сталин  аатынан  холкуос  бэрэссэдээ-
             тэлэ Пётр Кононович уонна оскуолабыт дириэктэрэ Арсентий
             Терентьевич тыл эттилэр. Кэпсэтии барыта быйыл оскуоланы
             үөрэнэн  бүтэрээччилэр  холкуоска  үлэлии  тахсаллара  хайаан
             да  наадатын  туһунан  буолла.  Бастаан  утаа  өрөспүүбүлүкэ
             оскуолаларын бүтэрээччилэриттэн биһигини ойуччу арыылаан,
             үөрэхтэн  матартаан,  үлэлэтэ  хаалларалларын  сөбүлээбэккэ
             олордубут. Аҕыйах хонкутаахтан бэттэх, санаабытын холбоон,
             ону  даҕаны  биир  үксүн  холкуостаахтары  аһынан,  иэрэҥ-саа -
             раҥ  санааламмыппыт.  Биһиги  ортобутуттан  үлэлии  хааларга
             быһаарынан сылдьааччылар эмиэ бааллар. Үлэһит илии тиий -
             бэтин көрө-билэ сылдьарбыт абалаах баҕайы! Кыһыннары-са-
             йыннары  холкуос  үлэтигэр  оҕо  сааспытыттан  эриллэн-мус-
             куллан,  хонууга,  окко,  быраактыкаҕа,  фермаҕа  улахан  дьону
             кытары  тэҥҥэ  сылдьан  улааппыппыт.  Холкуос  үлэтиттэн  кут-
             таммаппыт.  Биир  эмит  ферманы  ылан,  бэйэбитин  көрдөрбүт
             киһи диэн санаа эмиэ баар. Уу чумпу буолла. Туран тыл этэр
             буоллаххына, барыбыт аатыттан этиэхтээххин. Бэйэ эрэ туһу-
             нан көрүнэр сатамматын бары өйдүүбүт.
                Биһиги кылааспыт аатыттан Иванова Таня, Алексеева Еля,
             Ефремов Вася, онус «а»-лартан Борисов Толя, Иванов Гоша,
             Данилова Валя харда тыл эттилэр. Кинилэртэн хайалара даҕа-
             ны  холкуоска  үлэлии  хаалартан  аккаастаммата.  «Барыбыт  —
             биир  киһи  туһугар,  биир  киһи  —  барыбыт  туһугар»,  —  диэн
             тутуспутунан тахсарга сөбүлэстибит.
                Кылааспыт салайааччылара иккиэн:
                — Эһиги  бүгүн  олоххутугар  аан  бастаан  аныгы  ыччат  дой-

              196
   191   192   193   194   195   196   197   198   199   200   201