Page 200 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 200
лар. Ол майгыбыттан улаханнык кыбыстабын. Арыт олус да
кыра сөбүлээбэт суолларбыттан уйаннык хоргутабын. Сонно
тута бэйэбин көмүскэнэр өһөс санааланабын. Кинилэр хаҕыс
сыһыаннарыттан, ыһыктыбыт тылларыттан бэйэбэр туох даҕа-
ны сыстыбатын, хаалбатын курдук харыстанабын, кинилэр са-
нааларын хоту хайаан да буолбат кэмэлдьибин киллэрэбин.
Мин кинилэри көннөрүөм суоҕа, арай бэйэбин бэйэм сатаан
салайынарым уонна көннөрүнэрим буоллар…
Хаһан да атыттартан ордо сатыыр санаам суох уонна дьу-
луһуом даҕаны суоҕа. Арай бэйэм эрэ талан ылбыт суолбун
тутуһабын, онон муҥурданабын. Атыттарга сэнэттэриэхпин
баҕарбаппын.
Туора киһиттэн омсону булан көрөр олус дэбигис быһыы-
лаах. Үчүгэйин өйдүүргэр уһун кэм наада буолар. Ааспыт,
муҥнаммыт күннэрим эмискэ күндүтүйэн кэллилэр. Ол күн-
нэргэ эрэйим-хомолтом үксэ, үөрүүм сорҕото, ситиһиим кы-
рата бииргэ булкуһан сырыттахтара. Ити курдук мин дьону
даҕаны, олоҕу даҕаны билбит, өйдөөбүт курдук сананным.
Олоххо куһаҕан эрэ баарын буолбакка, үчүгэй эмиэ баарын
өйдөөтүм. Хаһан эрэ хомойо санаабыт дьоммор барыларыгар
үтүөнү баҕардым. Атын дьон алҕастарын, сыыһаларын күүр-
кэппэккэ бырастыы гыныы, умнан кэбиһии барыта таҥаралар-
тан тиксибит быһыы буолар диэн хайа эрэ кинигэҕэ суруллу-
бутун саныыбын…
Ыам ыйын 24 күнэ. Орто оскуоланы бүтэрээччилэргэ
бүтэһик чуораан тыаһыыр үөрүүлээх күнэ үүннэ. Алын кы лаас
үөрэнээччилэрэ мутукчаҕа сууламмыт ньургуһун дьөрбөтүн тут-
тардылар. Оскуолабытын кытары быраһаайдаһар тиһэх чаас-
пыт уонна ахта-саныы сылдьар алтан чуорааммыт сүрэхпэр
дьикти ураты тыаһынан лыҥкынаата. Ол тыаһын хаһан даҕаны
умнуом суоҕа диэммин испэр андаҕайа турдахпына, бастакы
кылаас оҕолоро сүүрэн кэлэннэр хас биирдиибитигэр сурук-
таах аккырыыккалары туттардылар. «Баҕарабын ситиһиилэри
үөрэххэр, үлэҕэр. 1 кылаас үөрэнээччитэ Захаров Саша», —
диэн бөдөҥнүк адаарыччы суруйбутун миэхэ туттараат, уол-
чаан тилэҕэ хараарыҥнаата.
Быйылгы үөрэх дьылынааҕы бэлиэтээһиннэрбин манан су-
руйан бүтэрэбин. Эксээмэннэр тирээн кэллилэр. Физика учуу-
тала Вячеслав Семёнович: «Эксээмэн бэлэмнээх киһиэхэ сын-
ньалаҥ буолар», — диирэ сотору-сотору кулгаахпар кутуллар.
Дьикти күннэр үүннүлэр. Эксээмэннэрбитин туттарар күн-
нэрбит чугаһаан истэҕин аайы, сыһыаммыт хардарыта тупсан,
200