Page 202 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 202
рыахтаах сирбит ааттара, холбоһоннор, «Аартык» буолбуттара
иннибитигэр уһун, киэҥ, сардаҥалаах суолу арыйыахтааҕын
курдук!
Тылбытын байытабыт
Модьоҕо, аат. 1. Аан холуодатын алын өттө; боруок. Үрдүк
модьоҕолоох аан. 2. Туох эмэ үрдүк бүүрүгэ. 3. (эргэр.) Көмүлүөк
оһох холумтана.
Кэмэлдьи, аат. Куһаҕан үгэс, үөрүйэх, майгы. Бодорустахха бо-
доҥ биллэр, кэргэннэстэххэ кэмэлдьи биллэр (өс хоһ.).
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Трилогия сэһэнтэн быһа тардыыны ааҕан баран, айымньы
туох саҥа өйдөбүлү арыйда дии санаатыгыт? Сэһэн сүрүн
дьоруой аатыттан кэпсэнэр. Ааптар тоҕо бу ньыманы туһам-
мытый?
2. «Диниэбинньик» ис хоһоонугар олоҕуран, Павел санаата
хайдах уларыйарын кэтээн көрүҥ.
3. Эһиги санааҕытыгар, айымньы сүрүн мөккүөрүн сытыырха
йыыта ханнык кэрчиккэ ойууламмытый?
4. Учуутал үөрэнээччитин олоҕор сабыдыаллыырын бигэргэ
тэр чахчылары айымньыттан булан сурунуҥ.
5. Павел сөптөөх быһаарыылары ылынан кыһалҕаларыттан
босхолонно. Эһиги маннык түгэҥҥэ хайдах быһаарыныы-
лары ылыныа этигит?
6. «Дьикти саас», «Сүрэх тэбэрин тухары» айымньыларга
ойуу ланар учууталлар уобарастара уонна Павел учууталла-
ра майгыннаһаллар дуо? Тэҥнээн көрүҥ.
Тыыннаах тыл
Тыҥааһыннаах түгэҥҥэ биир истиҥ-иһирэх тыл киһиэхэ сөптөөх
суолу буларыгар көмөлөһөрүн кэпсэтиҥ.
202