Page 198 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 198

ровна  итинник  майгытын  бэркиһээннэр:  «Аныгыскыга  эйигин
             үүрдэҕинэ,  биһиги  эмиэ  тахсыахпыт»,  —  диэбиттэрэ  эрээри,
             куттаннылар. Онуоха эбии эксээмэннэрбит даҕаны бу тирээн
             кэллилэр. Мин кинилэринэн сирэйдэниэхпин баҕарбаппын. Ол
             үрдүнэн  хайалара  эрэ  оскуола  завуһугар  эппит  быһыылаах.
             Миигин  Мотрёна  Васильевна  учууталлар  хосторугар  ыҥыр-
             тарда. Бэрэмиэнэ буола турар. Киэҥ хос иһэ толору учуутал.
             Бары  миигин  көрөр  курдуктар.  Ол  эрээри  миэхэ  эрэ  кыһал -
             лааччы суох быһыылаах. Сурунаалларын хоннохторугар кыбы-
             на сылдьан киирэллэр-тахсаллар, сорохтор эркини кыйа туран
             эрэ  күннээҕи  кыһалҕаларын  кэпсэтэллэр.  Туох  эрэ  көрдөөҕү
             истэннэр  күлсэллэр.  Окумалыгар  кыһыл  таҥас  бааныылаах
             дьуһуурунай  учуутал  алтан  чуораанын  тута  сылдьан,  сото-
             ру-сотору чаһытын көрөр. Бу түгэҥҥэ миэхэ олоҕум бүттүүнэ
             быһаарыллаары  турар.  Завуч  хоһугар  киллэрдилэр.  Мотрёна
             Васильевна,  биллэн  турар,  бастаан  сэмэлээтэ.  Мин  кинини
             өйдүүбүн. Кылааһым салайааччытын Елена Даниловнаны ыҥы-
             ран ылан:
                — Учууталгын  кытары  кэпсэтиэхпит,  кылааскар  киир,  өсө-
             һүмэ, — диэн сүбэлээтилэр.
                Учууталларым аҥаардастыы миигин буруйдуулларын билэн
             кыһыйбытым  иһин,  хайыамый.  Истибитэ  буолабын.  Оо,  ити
             кэмҥэ тугу-тугу санаабатахпыный! Бүтүн оскуола үрдүнэн со-
             ҕотох мин буруйбун быһаарсар күннэрэ буолла. Ол кэриэ тин,
             барыларын харахтарын аалбакка, оскуолаттан баран хаалбыт
             киһи!.. Евдокия Егоровнаттан эрэ көрдөһүөхпүн, ааттаһыахпын
             баҕарбаппын. Ити барыта киниттэн таҕыста. Ол инниттэн онус
             кылааска  иккис  сыл  хааларбын  кэрэйбэт  курдук  буолуталаа-
             тым. Ол быыһыгар: «Хааллахпына даҕаны, эһиил эмиэ киниэхэ
             үөрэнэн  муҥнаныам  буоллаҕа.  Суох!  Бу  курдук  сирэй-харах
             анньылла сылдьыах кэриэтин…» — диэн оскуолабын быраҕар-
             га  сананным.  Хараҕым  туманныран,  интэринээппэр  хайдах
             тахсыбыппын  билбэтим.  Сээкэйбин  барытын  субу  барардыы
             хомунан, ол кэнниттэн эрэ арыый уоскуйан, ороммор олордум.
             «Оо,  ийэлээх  аҕам  эрэйдээхтэр  төһө  эрэ  хомойоохтууллар.
             Уон  кылаас  үөрэхтэнэрим  кинилэр  санааларыгар  муҥутуур
             үөрэх этэ. Ол эрэллэрин толорорум хаалан эрэр. Абакка лаах
             да баҕайыта!» Арай атын баҕаларын толорон, ойох ылан, оҕо
             төрөтөн  олоруох  бэйэм  буоллаҕа.  Бу  курдук  мучумааннана
             олордохпуна, оскуола завуһун кытары кылааһым салайааччыта
             иккиэн киирэн кэллилэр. Эмиэ сүбэлии, үөрэтэ, буойа-такайа
             сатыылларын  дуостал  тириим  таһынан  истэбин.  Ол  быыһы-

              198
   193   194   195   196   197   198   199   200   201   202   203