Page 195 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 195
лэ-бара көрөбүн, кини аатын оргууй ботугуруу-ботуруу имэ-
рийэн ылабын. Арбах үөт түөһүгэр мин таптыыр кыыһым аата
суруллан турарын ким да билбэт. Билигин эмиэ ол үөт аттынан
ааһан эрэбит. Хараҕым кырыытынан үөппүн көрөбүн. Аттыбар
Ганя суоҕа буоллар, халыҥ тибиини кэһэммин суолтан туо-
раан тахсаммын, сүрэҕим оспот бааһыныы дириҥник хаһан
хаалларбыт кистэлэҥ сурукпун көрөн тураммын, бастакы тап-
талбын кэриэстээн, таҥараҕа үҥэн эрэрдии испэр ботугураан,
аатын ааттаан барыах этим…
Ону баара, кини туһунан, бэл, чугас доҕорбор кэпсээбэ-
тим. Бэйэм буоллаҕына, бу олороммун, кини эрэ туһунан су-
руйабын. Онуоха долгуйарым бэрдиттэн суруйар тарбахтарым
кытары титирэстииллэр. Билэбин эбээт бу курдук тапталбын
оҥорон көрөн олорорбун. Доҕорбор кытары билиммэтэх мин
кистэлэҥ тапталым бэйэм дьолум уонна муҥум эбит!
Ганяҕа кыыһым суох, таптал туһунан билбэппин диэммин
үрүтүн-үөһэ сымыйалыыбын. Бэйэм буоллаҕына суолу быһа
кинини эрэ саныы иһэбин. Кистээн таптаабыт кыыһым мин
таптыырбын билбэт. Кини миигин таптаабатын сэрэйэбин,
оттон атыттарга саантаабаппын. Кинини эрэ доҕор, сүбэһит
оҥостуохпун баҕарабын. Ол кыыс миигиттэн хоһуун, ким хайа
иннинэ киниэхэ көмөлөһө кэлэ охсор уолаттары ордорорун
билэбин эбээт. Дьэ уонна тоҕо күннэтэ төбөбүттэн түһэрбэп-
пиний? Дьикти буолбат дуо? Ити аата таптал үһү дуо? Ганя,
тиһэҕэр, итэҕэйдэ быһылаах.
Тохсунньу 18 күнэ. Кылаас чааһа буолла. Миигин үөрэххэр
тардын диэтилэр. Кыргыттары кытары интэринээккэ баран
ааҕарбын сүбэлээтилэр.
Тохсунньу 19 күнэ. Хас да хоһоону суруйдум. Саныыр,
баҕарар суолларбын суруйабын. Хоһооннорум миэхэ кыайба-
тах суолларбар, өйдөспөтөх табаарыстарбар хоруйу биэрэл-
лэр уонна бэйэбин эрдээхтик санана сылдьарга үөрэтэллэр.
Дьикти буолбат дуо? Бэйэм айбытым миигин үөрэтэрэ? Су-
руйарбар тартаран да барыах курдукпун эрээри, кыбыстыыта
бэрт. Тохтуубун. Киэһэ аайы 12 чааска диэри олоробун. Ол
кэнниттэн уоту ылаллар.
Олунньу 1 күнэ. Чаҕылхай күн буолла. Кылааспыт иһи-
гэр киһи сыламныах сылааһа. Тригонометрия уруогар, бил-
лэн турар, бастакынан миигин дуоскаҕа ыҥыран таһаарды-
лар.Төбөбөр букатын туох да киирбэт. Сатаан суоттаабатым.
Түҥ-таҥ бардым, тириттим… Паарта аайыттан: «Итини скоб-
каҕа ыл, знаменатель оҥор, үллэр-үллэр, төгүллээ…» — үрүт-
195