Page 190 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 190
таптал кимҥэ барытыгар биир тэҥник сыаналанар. Кини кыым
буолан чыпчылыйыах түгэнэ көстүөн, ааһыан эмиэ сөп. Дьолун
мүччү туппут элбэх.
Холкуос пааркатынан, балыыһа дьиэтин аттынан үөһэ тах-
сан бара турдахха, төп-төгүрүк ырааһыйа баар. Онно тиэрдэр
ыллыгы мин эрэ билэбин. Ол мин таптаан сынньанар уон-
на бары баҕа санаабын кистээн кэпсиир сирим. Ити сири
булбуппун кимиэхэ да кэпсээбэппин. Соҕотоҕун эрэ тиийэ-
бин. Эмиэ онно тиийиэххэ… Санаам тууйулунна! Үрдүбүнэн
туруйалар уйулҕабын эбии хамсатыахтыы турууктаһа көттүлэр.
Үрдүк бэстэр хойуу лабааларын быыһынан ып-ыраас, түгэҕэ
көстүбэт күөх халлаан күндэлийэр. Хатыҥ, миигин алҕаан
эрэрдии, алтан манньыат сэбирдэхтэрин атахтарбар тамныыр.
Тугун бэрдэй, үчүгэйэй, тулам барыта көмүс өҥүнэн дуйдам-
мыт. Бэркэ билэр уонна үөрдэхпинэ-хомойдохпуна ыллыыр
ырыаларым тыллара киирэн кэлэллэр:
Осенние листья
Шумят и шумят в саду.
Знакомой тропою
На встречу с тобой иду…
Киэҥник-куоҥнук ыллаан доллоһутабын. Ырыам тыла бэйэ-
тэ тахсар курдук.
Пусть годы проходят,
Живёт на земле любовь.
И там, где расстались,
Мы встретились нынче вновь.
Сильнее разлук тепло наших рук,
Мой верный единственный друг.
Түөһүм эппэҥниир, санаам сайдар. Ырыа миигин, кырдьык
даҕаны, кинини кытары көрсө, хаамса, күүлэйдии баран иһэ-
рим кэриэтэ тиэтэтэр, көстүбэт кынаттыыр. Тапталлаах ыраа-
һыйам бу тиийэн кэллэ. Мэлдьи буоларын курдук, арай кимим
да мии гин манна күүппэт. Соҕотох соҥуйан турбахтыыбын.
Эргиччи иһиллээбит курдук уу чуумпу. Тыа иһэ сырдаан, сэн-
дэҥэрэн көстөр. Мин эмиэ сырдыыбын…
Балаҕан ыйын 17 күнэ. Субуотаҕа үс уруокка үөрэннибит.
Бүгүн 3 чааска мустаммыт, бүттүүн оскуоланан хортуоппуй
хостооһунугар тахсабыт. Эбиэккэ диэри таҥаспын сууннум.
3 чаастан хомуллан хортуоппуй бааһынатыгар кэллибит. КВН-
ҥа кыттыс диэбиттэрин аккаастанным.
190