Page 187 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 187
Итинник саныы турдахпына, икки уол тустан кэтиэлэһэ сыл-
дьаннар, миэхэ охтон түстүлэр, онуоха тоҥолохпунан түннүк
тааһын алдьаттым.
— Ким түннүгү алдьатта? — дьуһуурунай учуутал айдаара
түстэ. Уолаттар кыккыраччы мэлдьэһэн кэбистилэр уонна мии-
гин ыйдылар. Кинилэр оннуларыгар бэйэм кыбыһынным.
Учуутал:
— Ким да буруйа суох буоллаҕына, оччоҕуна ким оҥорор? —
мөҕөтөлөөн барда.
Субу кэмҥэ бэйэбин балыйтарбыттыы эрэ буолбакка, он-
нооҕор өссө суолталааҕы, саамай харыстаныахтааҕы, туруула-
һыахтааҕы — кырдьыкпын уордарбыттыы сананнарбын даҕаны,
эппит тылларын хаһан даҕаны төннөрүө суохтарын өйдөөтүм,
аахсыахпын, мөккүһүөхпүн баҕарбатым. Ол майгым кинилэр-
тэн куттаныыттан буолбакка, аҥаардас кэлэйииттэн таҕыста.
— Мин оҥоруоҕум… — буруйу бэйэбэр ылынным. Ол күн
дьиэлэнэн олорор ыалбыттан түннүк тааһа быһан биэрэри-
гэр көрдөстүм. Николай Семёнович аймаҕым даҕаны буол-
лар, киниттэн үксүн толлобун. Олус бисээл уонна бириинчик
киһи. Туох диэн турара биллибэт. Ол да буоллар син биир
көрдөстүм. Киһим хара ааныттан:
— Ак-каары башкаа, үөрэнэ да иликкиттэн оскуола түннү-
гүн алдьата сылдьаҕын дуо? Өстүөкүлэ да сыаналаах буолар
баҕайыта!
Кини миигин итинник сэмэлии түһэн баран, тааспын быһан
биэрдэ. Ону аҕаламмын оннугар олортум. Төһө даҕаны кыһый-
бытым иһин, таспар таһаарбаппын. Мин Николай Семёно-
вичтаахха сэттис кылаастан ыла күһүн ахсын, интэринээккэ
ылыллыахпар диэри, дьиэлэнэбин. Ылыллыбатах сылларбар
кыстаан даҕаны олоробун.
Балаҕан ыйын 2 күнэ. Саҥа үөрэх дьылынааҕы бастакы
уопсастыбаннай сорудахпын ылан, кыһыл таҥаһы араамаҕа
тиирэн, былакаат суруйдум. Ханнык да дьарыга суох оҕолор
иллэҥ кэмнэрэ элбэх буолар. Кинилэри ким да соруйбат. Бэ-
йэ лэрэ даҕаны хайдах эрэ сатаан аккаастаналлар. Мин ки-
нилэри ордугургуубун дуо?
Куотунары, мэлдьэһэри, албынныыры бэйэбэр ыарыылаах-
тык ылынар буоламмын, үлэҕэ элбэхтик түбэһэбин. Баҕар-
батарбын да эмиэ толорорбор тиийэбин. Бүгүн былыта суох
ыраас, чаҕылхай күн.
Икки кылаас холбоһон үөрэннибит. Нуучча тылыгар саҥа
учуутал кэлбит. Аатын билиһиннэрбэтэ эрээри, Евдокия Его-
187