Page 185 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 185

Ааҕыы, ырытыы

                                ОЛОХ МОДЬОҔОТО
                       (трилогия сэһэнтэн быһа тардыы)

                                 ИННИКИ КҮӨҤҤЭ
                            Бэйэбин бэйэм туораттан көрүөхпүн баҕарабын.
                            Мин туспунан атын дьон эппиттэрэ уонна бэйэм
                           санаам атыласпат буоллахтарына мин кимминий?

            1960—1961  сыллардаах  үөрэх  дьыла  саҕаланна.  Онустар
         оскуолабытын  бүтэрэр  сылбыт.  Үөрэҕим  бастакы  күнүттэн
         саҕалаан  түмүктэниэр  диэри  күннэтэ  туох  буолан  ааһарын
         бэлиэтэнэн  иһэр  күннүк  оҥоһуннум.  Барытын  кырдьыгынан
         уонна  буолбутунан  суруйуоҕум.  Дьикти  баҕайы,  бу  күннүкпэр
         бэйэбин туораттан көрүөхпүн уонна билиэхпин баҕарабын. Ол
         эрэн  манна  олоҕум  толору  көстүбэтин  билэбин.  Тугу  ситис-
         пиппин,  хайҕаммыппын  буолбакка,  муммут-тэммит,  күннэтэ
         куоттарбыт, хомойбут-хоргуппут, ардыгар буруйдаммыт-сэмэ -
         лэммит  суолларбын  бэлиэтэниэҕим.  Бэйэбэр  тосту-туоратык
         көс түбүт,  тутатына  ылымматах,  өйдөөбөтөх  уонна  өйдөспөтөх
         суол ларбын кытары суруйуохпун баҕарабын.
            Бүгүн  балаҕан  ыйын  1  күнэ.  Үөрэх  дьыла  саҕаланна.
         Оскуола  үөрүүлээх  линиэйкэтигэр  саҥа  дириэктэр  Арсен-
         тий  Терентьевич  уонна  урукку  учууталларбыт  быйылгы  үөрэх
         дьылыгар  оскуоланы  бүтэрээччилэри  эҕэрдэлээтилэр  уонна
         барыбытыгар  ситиһиилэри  баҕардылар.  Саҥа  дириэктэр  —
         саар  тэгил  уҥуохтаах,  арыы  саһыл  хааннаах,  хайдах  эрэ
         ис-иһиттэн  мүчүҥнээн  күлэр  киһи.  Таатта  Баайаҕатыттан
         төрүттээх  үһү.  Урукку  дириэктэрбит  Иннокентий  Петрович
         оройуоннааҕы  баартыйа  кэмитиэтин  идеологияҕа  сэкирэтээ-
         ринэн анаммыт. Саҥа үөрэх дьылынан үөрэнээччилэри уонна
         учууталлары эҕэрдэлээри, оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ
         Георгий  Павлович  кэлбит.  Кини  бастаан  биология  учууталын
         Анастасия  Денисовнаны  РСФСР  үтүөлээх  учуутала  буолбу-
         тунан  эҕэрдэлээтэ.  Анастасия  Денисовна  манна  үлэлии  кэ-
         лиэҕиттэн  Булгунньахтаах  оскуолатааҕы  учаастагын  сыллата
         кэҥэттэрэн,  хас  да  гектардаах  сир  оҥорторбута,  тэпилииссэ
         туттарбыта. Оҕуруот араас аһын олордон, оскуолабыт сыллата
         үрдүк үүнүүнү хомуйар.
            Биһиги үөрэнэ олороммут түннүгүнэн уораһыйбыт улуу өрүс
         дьалхааннаахтык  устарын  күннэтэ  көрөбүт.  Өрүс  үөс  кумаҕар

                                                                      185
   180   181   182   183   184   185   186   187   188   189   190