Page 186 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 186

сааһын,  сайынын  тыыраахылар  айманаллар.  Кытылы  уонна
             айан суолун батыһа оскуола учаастага тэнийэн барар. Үөрэнэ
             олороммун оҕуруокка үлэлии сылдьааччылары көрөбүн. Анас-
             тасия  Денисовна  күһүн  уонна  саас  биология  уруогун  үксүн
             айыл ҕаҕа  уонна  тэпилииссэҕэ  ыытар.  Ким  өрүстэн  уу  баһан
             таһаарар, ким оргутар, ким буор таһар, сиксийэр-ыраастыыр,
             ким  үүнээйи,  ким  мас  олордор,  сорох  буор  түөрэр,  сорох
             араскы тардыахтаах үүнээйигэ буор көһүйэлэри оҥорор, элбэх
             харахтаах халыыпка хара буору кутан чиҥэтэн баран, ортоту-
             гар харахтыыр. Ол кэнниттэн сиэмэ түһэрэллэр. Аҕыйах хону-
             гунан үүнээйи бытыгыраан тахсар.
                Сааһыгар үлэттэн атыны билбэтэх, холку майгылаах, аҕыйах
             саҥалаах  Анастасия  Денисовна  сулумах,  соҕотоҕун  олорор.
             Үөрэнээччилэрин,  юннаттарын,  батыһыннара  сылдьан  араас
             үүнээйилэри,  үөннэри  хомуйан  көрдөрөр,  билиһиннэрэр.
             Иитил лээччитэ үлэттэн, үөрэхтэн сүрэҕэ тэппэтэҕинэ, улдьаа-
             рарын  биллэҕинэ,  кэпсээн  иһэн  тохтоон,  киниттэн  кэлэйэн,
             халты көрөн кэбиһэр. Оччоҕуна ордук бэйэҥ хомойоҕун.
                Мин  көрдөхпүнэ,  сайыҥҥы  сынньалаҥнарыгар  оҕолор  үк-
             сү лэрэ  төлөһүйэн  уонна  улаатан  хаалбыттар.  Арай  мин  эрэ
             улааппатахпын.  Ахсыска  тахсарбытыгар  «а»  уонна  «б»  кы-
             лаастарга  араарталаабыттара.  Инньэ  гынаммыт  биллибэти-
             нэн-көстүбэтинэн  испитигэр  арахсабыт.  Мин  «б»  кылааска
             үөрэнэбин.  Бүгүн  онус  «б»-ларга  бастакы  уруогунан  история
             буолла.  Эмиэ  уруоктар  уонна  күннэтэ  туруоруллар  сыаналар
             саҕаланнылар. Дьикти баҕайы, мантан инньэ эн хайдаххын ити
             сыаналар эрэ быһаарыахтара. Учууталларбыт «үчүгэй» сыанаҕа
             үөрэнэр оҕолорго сыһыаннара олох атын. Үчүгэйдик үөрэнэр
             оҕолор ытыс үрдүгэр уонна холобурга эрэ сылдьаллар. Онтон
             атыттар  күлүккэ  хаалаллар.  Инньэ  гынаммыт  аҥаардас  күн-
             нээҕи сыана иһин үөрэнэр курдукпут.
                Мин перемена кэмигэр көрүдүөр түннүгэр сыстан турарбын
             сөбүлүүбүн.  Билигин  көрдөхпүнэ,  көрүдүөр  истиэнэтэ  сыгын-
             ньах  турара  оскуолабыт  иһин  олус  дьүдьэтэр  эбит.  Сотору
             нэ диэлэтээҕи  үөрэх  наардала,  араас  биллэриилэр,  кылаас
             хаһыаттара,  күннээҕи  дьуһуурустуба  уонна  үөрэх  ситиһиитин
             көрдөрөр экраннар дьэргэтиэхтэрэ. Көрүдүөрү туора-быһа уон-
             на хас муннук ахсын улуу дьон этэн кэбиспит тыллара суруллу-
             бут былакааттара ыйаныахтара. Мин ол дьон эппит этии лэрин
             таптаан  ааҕабын  уонна  үксүлэрин  өйбөр  хатаан  сылдьабын.
             А. Чехов: «Киһиэхэ барыта кэрэ буолуохтаах: көстөр дьүһүнэ,
             таҥнар таҥаһа уонна саныыр санаата», — диэбит эбээт!

              186
   181   182   183   184   185   186   187   188   189   190   191