Page 183 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 183
дар. Дьахталлар поэзияларын ааҕааччы ордук интэриэһир-
гиир. Поэтессалар оҕоҕо, киһиэхэ, Ийэ дойдуга таптал туһунан
суруйаллар уонна сиэр-майгы, итэҕэл боппуруостарын туруо-
раллар.
Оҕоҕо аналлаах литература сайдыытыгар билиҥҥи саха
суруйааччылара бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр. И. Ми-
галкин, Р. Винокурова кырачааннарга анаан остуоруйа-айым-
ньылары суруйаллар. Орто саастаах оҕолорго Т. Находкина
оскуола олоҕун, учуутал — оҕо, төрөппүт — оҕо сыһыанна-
һыыларын көрдөрөр, сиэр-майгы боппуруостарын туруорар
кэпсээннэрэ кэрэхсэбиллээхтэр. Улахан саастаах оҕолорго
Айысхаана «Сүлүһүннээх иннэ» сэһэнигэр, «Үргүөр дээх кэм
үнүгэстэрэ» арамааныгар билиҥҥи олох уонна аныгы ыччат
сытыы проблемаларын көтөҕөн сэһэргиир.
Билиҥҥи проза сайдыытыгар П. Харитонов-Ойуку «Хобо-
лоох суол» түөрт кинигэлээх историческай арамаанынан кы-
лаатын киллэрбитэ. Үс үйэ тухары саха, нуучча норуоттара
бииргэ олорон ааспыт, алтыспыт олохторун сиһилии ойуулуур.
Норуоттар доҕордоһууларын кинилэр олохторун эйгэтинэн
арыйан көрдөрөр. Саха сирин урукку өттүгэр суруллубатах
устуоруйатын биллибэт страницаларынан сиһилээн, киэҥ киэ-
лилээх эпическэй арамааны айар.
С. Ермолаев-Сиэн Өкөр билиҥҥи саха литературатыгар
дыраама жанрын сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрэр.
Кини араас жанровай формалаах дыраамаларыгар — кылгас
пьеса, абсурд дыраамата, түктэри кэмиэдьийэ уо. д.а. билиҥ-
ҥи саха ыччатын, киһитин кыһалҕаларын көрдөрөр. Кини са-
тамматах олохтоох дьоруойдарын дьылҕаларыгар биһиги уоп-
састыбабыт сытыы проблемалара арыллаллар. Сатамматах
олохтоох дьоруой сатаммат быһыыга-майгыга (абсурд) көстүү-
тэ уоп састыба ыарыыларын ырылхайдык көрдөрөр.
Билиҥҥи саха литературатыгар саҥа жанрдар, дьоруойдар,
хайысхалар, истииллэр көстөллөрө кини салгыы сайдар кыах-
тарын туоһулуур.
В. Б. Окорокова
183