Page 182 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 182

ХХI ҮЙЭ ЛИТЕРАТУРАТА


                Саха  литературата  ХХI  үйэҕэ  сайдыы  саҥа  суолларын
             көрдүүр. Билиҥҥи саха литературатыгар поэзия, проза уон на
             дыраама  жанрдарыгар  ураты  көрүүлээх,  саҥаны  этэр  суру-
             йааччылар үөскүүллэр, үгүс эдэр ааптар киирэр. Норуот аас-
             пыт устуоруйатыгар уонна ол кэмҥэ олорон, айан-тутан аас-
             пыт  улуу  дьоҥҥо  интэриэс  күүстээх.  Далан  «Тыгын  Дархан»,
             Н. Лугинов «Чыҥыс хаан ыйаа ҕынан»  саха норуотун былыргы
             олоҕун уонна кэлэр кэс килин көрдөрөр историческай арамаан-
             нара суруллубуттара. Устуоруйаҕа улуу киһи оруолун көрдөр-
             бүттэрэ.  Сахалар  улуу  өйдөөх,  киэҥ  дьайыылардаах  өбүгэ-
             лэринэн  —  Тыгын  Дарханынан  киэн  тутталлар,  кини  олоҕун
             билиэхтэрин  баҕараллар. Е. Неймохов  «Алампа»  диэн  икки
             кинигэлээх арамааныгар А. И. Софронов-Алампа олоҕун, үлэ-
             тин-хамнаһын  уонна  айар  үлэтин  сиһилии  арыйан  көрдөрөр.
             Саха  талааннаах  суруйаач чытын  чаҕылхай  олоҕун  уонна  ыар
             дьылҕатын  ааҕааччыга  биллэрэр.  Билиҥҥи  кэмҥэ  эдэр  аап-
             тардар  арамааҥҥа  ылсаллар.  Е. Слепцова-Куорсуннаах  «Аан
             талҕа»  историческай  арамааныгар  ХХ  үйэ  саҕаланыытыгар
             саха  норуотун  маҥнайгы  интэлигиэнсийэтин  ыар  дьылҕатын
             туһунан  кэпсиир. С. Маисов  «Ийэм  кэпсиир…»  түөрт  кинигэ-
             лээх  арамаана  ааҕааччы  болҕомтотун  ылла.  Ааптар  саха лар
             сэрии  кэминээҕи  ыарахан,  кыһалҕалаах  олохторун  көрдө рөр,
             манна  тыылга  хаалбыт  кырдьаҕастар,  дьахталлар  уонна  оҕо-
             лор  тыыннаах  хаалар  уонна  фроҥҥа  көмөлөһөр  туһугар  сыр-
             дык  тыыннарын  харыстаабаттар.  Үлэһит,  күүстээх  санаалаах
             дьон ыарахаттары, өлөр өлүүнү кыайаллар. Сонуннук суру йар
             эдэр  ааптардар  айымньылара  бэчээттэнэллэр.  Кинилэр  би-
             лиҥҥи  олох  сытыы  проблемаларын  арыйаллар  —  арыгылаа-
             һын, наркомания, сиэрэ суох быһыы-майгы, үлэтэ суох буо луу,
             айылҕаны харыстааһын, норуот уонна ыччат дьылҕата уо.д.а.
                Билиҥҥи  саха  литературатыгар  поэзия  ордук  күүскэ  сай-

              182
   177   178   179   180   181   182   183   184   185   186   187