Page 178 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 178

Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

                Анатолий Старостин ойуулуур-дьүһүннүүр ньыматын уратыта, хан-
             нык  тиэмэни  хайа  өттүттэн  ылан  сайыннарара,  бэйэтэ  туспа  санаа-
             лааҕа  көҥүл  хоһоонноругар  курдаттыы  көстөр.  Суруйааччы  уонна
             тюрколог  учуонай  Алтан  Сарын:  «Саха  поэзията  кээмэйэ-кэрдиитэ
             суох аллитерациянан, тыл дьүөрэтин дэгэттэнэн сайдара буоллар», —
             диэбиттээҕэ.  Анемподист  Софронов  көҥүл  сүүрүк  курдук  суккуллар
             тойуктарыттан  Анатолий  Старостин  поэзията  сиик  ылан  силис  тар-
             дыбыта  көстөр.  Оттон  саха  биллиилээх  учуонайа  Н. Н. Тобуруокап
             «Аал  уоппар  итэҕэлим»  диэн  кинигэни  ырытан  баран,  саха  верли-
             брэ, көҥүл хоһооно чопчу тиэмэлэринэн араартааһыҥҥа наадыйарын
             дакаастаабыта. А. Старостин лиирикэтигэр төрөөбүт дойдуга ааһан-
             араҕан  биэрбэт  таптал,  ахтылҕан,  ытык  сэргэнэн,  көмүлүөк  оһоҕу-
             нан, хаалбыт өтөҕүнэн, көлүччэнэн, тиитинэн ойууланар. Кэрэ кыыска
             тапталын иэйиитэ кими баҕарар истиҥник уйадытар. Бэйиэт дууһата
             намчыттан намчытык арыллар. Кини хоһооннорун көҥүл тутула элбэх
             мөккүөрү үөскэппитэ. Ол эрэн бэйиэт верлибрин үйэлээх буолуутун
             кэм-кэрдии бэйэтэ көрдөрдө. Быдан дьыллартан кэлбит дьиҥ саха-
             лыы тойуктан төрүттэнэн Аан дойду аныгы сайдыылаах поэзиятыгар
             олоҕурар диэххэ сөп.
                                                            Мария Дьячковская


             Ааҕыы, сэһэргэһии


                                       БЫЛЫТТАР

                                             1
                              Эбир былыттар
                              Экчи ардыахтара суоҕа.
                              Эриэннэрэ истэригэр —
                              Эрдиэхтэрэ атыннык,
                              Эрэннэриэхтэрэ араастык.
                              Халлаан оройугар
                              Харахпын оонньото,
                              Харахпын саатата
                              Хайҕаабытым эбир былыттары
                              Хаһан эрэ аҕалыахтаах
                              Хаарыан илгэлэрин кэтэһэ.




              178
   173   174   175   176   177   178   179   180   181   182   183