Page 174 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 174

АНАТОЛИЙ ГАВРИЛОВИЧ СТАРОСТИН—СИЭН КЫНАТ
                                          (1946)


                                         А. Старостин-Сиэн  Кынат  —  саха
                                      билиҥҥи поэзиятын биир биллэр бэ-
                                        йиэтэ.  70-с  сыллардаахха  ураты  та-
                                      лаан наах  В. Потапова,  А. Бүлүүйүс-
                                      кэй,  В.  Дедюкин  уо.д.а.  айар  дьону
                                      кытта  поэзия  толоонугар  киирбитэ.
                                      Төрөөбүт  норуотун  айылҕатын,  тапта-
                                      лы хоһуйар уйаҕас лиирик бэйиэт.
                                         «Бастакы хоһооммун алтыс кылаас-
                                      ка  үөрэнэ  сылдьан  суруйбутум.  Тута
                                      оройуоннааҕы  хаһыакка  бэчээттэмми-
                                      тэ.  Онтон  ыла  хоһоон  суруйан  бар-
                                      бытым.  Сэттис  кылааска  үөрэнэ  сы-
                                      рыттахпына, сэттэ хоһоонум хаһыакка
             балаһа  аҥаарын  ылан  тахсыбыта.  Онтон  ыла  сыл  ахсын  хо-
             һооннорбун  түмэн,  бэйэм  уруһуйдаан-мандардаан  хомуурун-
             ньук оҥорор идэлэммитим. Ахсыһы бүтэрэн баран, Дьокуус-
             кайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училищеҕа үөрэнэ киирбитим.
             Онно  үөрэнэ  сылдьан  СГУ  литературнай  куруһуогар  «Сэргэ-
             лээх уоттарыгар» сылдьарым. Дьэ, ол «Сэргэлээх уоттарыгар»
             сылдьан,  эмискэ  бэйэм  да  билбэппинэн,  көҥүл  формалаах
             хоһооннору  суруйар  буолан  хаалбытым.  Поэзияҕа  мин  суо-
             лум-ииһим ити курдук саҕаламмыта», — диэн бэйиэт суруйбут.
                Сиэн Кынат 1946 сыллаахха Уус Алдан улууһугар, Түүлээх
             нэһилиэгэр  Кыллаайыга  төрөөбүтэ.  Кини  оҕо  сааһа  Халыма
             үрэҕин Алааһыгар II Байаҕантай нэһилиэгэр Хаттанньа үрэҕин
             Саҕынньах томторугар ааспыта.
                Танда  оскуолатын  бүтэрэн  баран,  П. Романов  аатынан
             Дьокуускайдааҕы  художественнай  училище  живописнай-пе-
             дагогическай  салаатыгар  саха  биллиилээх  худуоһунньуга
             А. П. Мун халов  мастарыскыайыгар  биэс  сыл  үөрэммитэ.  Он-
             тон 1973 сыллаахха М. Горькай аатынан Литературнай инсти-
             туту бүтэрбитэ. Уус Алдан улуустааҕы хаһыатыгар, П. А. Ойуу-
             нускай аатынан литературнай мусуойга, «Саха сирэ» хаһыакка
             араас сылларга үлэлээбитэ. Билигин идэтийбит бэйиэт.
                «Аал уоппар итэҕэлим» маҥнайгы кинигэтэ 1974 сыллаахха
             бэчээттэнэн тахсыбыта. Хоһоонноро нууччалыы тылынан тыл-
             баастанан  киин  сурунаалга  элбэхтик  тах сыбыттара,  ону  сэр-
             гэ  тас  дойдуларга  кытта  бэчээттэммиттэрэ.  Бэйиэт,  бэйэтин

              174
   169   170   171   172   173   174   175   176   177   178   179