Page 179 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 179

2
                           Тос курдук тоҥкуруун
                           Тоҥ былыттар
                           Туох туһалаахтарый,
                           Тугу туругурда
                           Тохтообокко усталларый?
                           Тот киһилии
                           Толуу көрүҥнээх
                           Тоҥ былыттары
                           Токкоолоһон көрүөххэ дуу?
                           Тугу эрэ оҥороору,
                           Тоҕо эрэ, сорунан туран
                           Туора үрдүккэ ытта сатыыллар.
                           Томороон тоҥ былыттар
                           Туохха эрэ бэлэмнэнэн
                           Тоҕута, хайыта тыытыахтыы
                           Тупсан, торолуйан иһэллэр.

                                         3

                           Ып-ыраас халлааҥҥа
                           Сыстаҥ былыттар
                           Сыстыһан бардылар.
                           Күнү күөнтээтилэр,
                           Күөҕү күлүктээтилэр.
                           Куйаас ыгар
                           Кутуллар, тууйуллар.
                           Сыстаҥ былыттар
                           Холбоһо охсон
                           Хойуннулар,
                           Ханыылаһа охсон
                           Халыҥаатылар,
                           Хараара ыараан халыйдылар,
                           Харса суох таммалаатылар.
                           Ханна эрэ тиийэн
                           Тугу барытын
                           Тупсарабыт диэн тумулуктанан,
                           Тохтоло суох
                           Тобураҕынан куттулар.
                           Ып-ыраас турбут халлаан
                           Ыыстыйда, ыдьырыйда,
                           Урукку кэмин суохтаан,

                                                                      179
   174   175   176   177   178   179   180   181   182   183   184