Page 175 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 175

көлүөнэтиттэн, аан бастаан көҥүл хоһооннору суруйан, поэ-
         зияҕа ураты суолун-ииһин булуммута. Кини «Аал уоппар итэҕэ-
         лим», «Ытык аналым» (1979 с.), «Алгыстаах айаным» (1991 с.),
         «Охсуллубут от» (1997 с.), «Благословение», «Северная мозаи-
         ка», о.д.а. кинигэлэр ааптардара.



         Ааҕыы, ырытыы

                             ААЛ УОППАР ИТЭҔЭЛИМ
                            (сомоҕо хоһоонноруттан)

                                       * * *

            Истиҥ иһирэх ырыаны иэйэ истиэхпин баҕардым.
            Сылааны таһаарар санааны саймаардар
            Самныбат саргылаах сылаас ырыаны
            Сылаанньыйа истиэхпин баҕардым.
            Томороон да тупсар, кубулҕат да бахтайар
            Намыын да намыын намылхай ырыаны
            Наллаан истиэхпин баҕардым.
            Олох ис дьиҥин кырдьыгын, орто дойду
                                                   аһыытын-ньулуунун,
            Отун-маһын мандарын ойуулуур томоонноох тойугу
            Ис-испиттэн иэнигийэ истиэхпин баҕардым.
            Эмэни эдэримситэр, эдэри үүннэрэр,
            Бүтэй эттээҕи иэтэр-туотар, абылыыр
            Минньигэс мичиҥнээх, манньытар майгылаах
            Ылбаҕай ырыаны ымманыйа истиэхпин баҕардым.

            Сүмэлээх от курдук сүһүөҕү сымнатар,
            Сүрэҕи сүүдүтэр уу курдук унаархай
            Уран уйаҕас ырыаны уулла-таала, умсугуйа
            Уйадыйа истиэхпин баҕардым. Уйадыйа истиэхпин
                                                                баҕардым
            Урааҥхай саха уйулҕаны уһугуннарар
            Уһун тыыннаах, баай кылыһахтаах, кэс тыллаах ырыатын.

                                       * * *
            Кубарыйбыт сүдү сэргэбэр сүгүрүйэ мин кэллим.
            Үрдүк сүүһэ мырчыстан, хайыта хатан,

                                                                      175
   170   171   172   173   174   175   176   177   178   179   180