Page 180 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 180

Уунан, хаарынан
                              Уйадыйа ытаата…

                                             4

                              Былыттар үрэллиэх курдуктар.
                              Аҕыс күн ардаабыт халлаан
                              Астыах курдук быһыытыйда.
                              Күүтүүлээх күндү кэмнэр
                              Көһүннүлэр саҕахха.
                              Былыттар үрэллиэх курдуктар.
                              Бүрүүкээн турбут хараҥа
                              Бэрт сотору дьалбарыйыа,
                              Чэмэлийиэ ыраас халлаан,
                              Чэбдигириэ көй салгын.
                              Былыттар үрэллиэх курдуктар.



                    Тылбытын байытабыт
                   «Эбир  былыттар»,  «тоҥ  былыттар»,  «сыстаҥ  былыттар»  туох
                уратылаахтарый, суолталарын быһаарсыҥ, тылдьыттан быһаарыы-
                тын көрүҥ. Өссө былыт ханнык арааһын билэргитин сурунуҥ.



                    Ыйытыылар уонна сорудахтар
                1.  Сахалыы  хоһоон  форматын  сатабыллаахтык  туттуллуутун
                   хоһоонтон холобурдааҥ.
                2.  Пейзажнай лиирикэ диэн тугуй? Хоһоон уобарастарын бу-
                   лан ырытыҥ.
                3.  Атын  бэйиэттэр  былыты  ойуулаан  хоһуйбуттарын  булан
                   тэҥнээҥ.


                                                   ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ

                Хоһоонтон тыыннаҕымсытыыны булуҥ, суолтатын, уус-уран ньыма
             быһыытынан уратытын кэпсэтиһиҥ.









              180
   175   176   177   178   179   180   181   182   183   184   185