Page 176 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 176
Тоҥхойо кырдьыбыт оҕонньору санатан,
Саҥата суох курустук, иҥнэри түһэн тураахтыыр.
Ахтыбыт да эбиппин көмүлүөк оһох күлүбүрүү
үөрэр сылааһын,
Остуоруйа алыптаах дьоро киэһэлэрин,
Үрүҥ күннээх сайыны, үүнэ турар хара тыаны
Муус түннүк түүппэҕэр ойуулуурбун,
Талах ынахтарынан, чаачар саанан сыҥаһа ороҥҥо
оонньуурбун.
Күндэли көлүйэҕэ сөтүөлүү, күндүл хочоҕо лыахтыы
сүүрэрбин.
Оҕо сааһым кэрэтэ, өрүү тыыннаах сайылыгым.
Ахтылҕаммын, ахтылҕаммын хатылыы суугунуу,
суугунуу турдаҕыҥ.
Сэргэм, мин аллаах мас атым сэргэтэ,
Эн туран хааллыҥ айаным аартыгар
Көстүбэт илиигин сүрэххэр туттан.
УМАТАР ЧУУМПУ
(сомоҕо хоһоонноруттан)
* * *
Нуһараҥ, нуурал чуумпуну истиэхпин баҕардым.
Истиэхпин баҕардым иччитэ суох иһийбит чуумпуну.
Куорат куугунуур, тигинии ньиргийэр, түллэҥниир.
Олох оргуйар, сүүрүү-көтүү, сүпсүгүрүү күүгүнүүр.
Айманан-сайманан, тыаһаан-ууһаан түҥ тыаҕа тахсабыт.
— Тохтооҥ эрэ, доҕоттоор! Чуумпуруҥ! Айманымаҥ!
Албына суох им-дьим уу чуумпуну истиэхпин баҕардым.
Уу-уу-уу. Дьиҥнээх улуу чуумпу билигин да баар эбит.
Чуу-чуҥ уу чуумпуну ууруу-ууруу, уҥа-таала устабын.
Устабын, ууллабын умнуллар чуумпуга кубулуйан.
* * *
Тииттэр мин кэпсэлбин сэргээн, сэҥээрэн истэллэр.
Тиҥкинэһэн, лиҥкинэһэн сэгэйэ, сэргии түһэллэр.
Аһатар амарах атастарым, ириэрэр иһирэх сэгэрдэрим.
Күөн туттар аргыстарым чөмчөкөлөөх лиҥкир тииттэрим,
Эһиэхэ эрэ кэлэммин ис санаабын ирэ-хоро тэбиибин.
Дьиппиэн нүһэр бэйэҕит чиргэл күүс-уох биэрэҕит,
176