Page 173 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 173

Тылбытын байытабыт

               Сибиэн — иччи, абааһы.
               Суорума сурах — өлүү-сүтүү, алдьархай сураҕа.



                Ыйытыылар уонна сорудахтар

            1. Күүтэрим эйигин күннээх-түүн,
               Күлүмнэс куйахтаах Эр Хоһуун!
               Куустуһар курдугум номохтуун,
                Дьол-соргу  суһумнаах  кустуктуун…  —  лириичэскэй  дьо­
               руой тоҕо куйахтаах Эр Хоһууну күүтэрий?
            2. Кэтэһимэ олохтон
               Кэрэни эрэ — бу этии түгэх санаатын быһаарыҥ.
            3.  Саргы  Куо  уонна  Сайа  хоһооннорун  тэҥнээн,  ураты  уонна
               майгынныыр өрүттэрин булуҥ.


                                                    АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ

            1.  «Күүтэбин  эйигин,  Эр  Хоһуун»  хоһоон  сүрүн  санаатын
               ырытыҥ.
            2.  Лириичэскэй дьоруой орто дойду олоҕо икки утарыта күүс­
               тэртэн тутуллан турарын тоҕо ааҕааччыга тиэрдиэн баҕара-
               рын быһаарыҥ, санаата атастаһыҥ.
            3.  Бэйиэт саха дьон саргытын, алгыстаах аартыгын ким ары­
               йыа диэн кэтэһэрин, эрэнэрин быһаарыҥ, анаарыҥ.



                                                ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ

            Бэйиэт  хоһоонноругар  утарыта  өйдөбүлү  (антитезаны)  сатабыл-
         лаахтык туттуута.


                                              АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

            1.  «Бэйиэт айымньытыгар сир­халлаан сибээһэ уонна орто дой-
               дуга дьол, сор аалсыыта» — өйтөн суруйуу.
            2. «Күүтүү, кэтэһии — күн сирин аргыһа» — толкуй сурук.




                                                                      173
   168   169   170   171   172   173   174   175   176   177   178