Page 168 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 168

Өстүйэр аймаҕы да уруулуур
                              Улахан аналын ылынан.

                              Күрүөтэ-хаһаата суох үйэҕэ
                              Сылгытыйбыт саха дьахтара
                              Саҥа тутулга
                              Саргыланан кэлиэҕэ,
                              Сиэргэ-туомҥа төннүөҕэ,
                              Күндүтүйэн көстүөҕэ…

                              Эр киһи үйэтэ үүнэр,
                              Куйаарга умсугуйбут кутум
                              Сып-сылаас сардаҥалаах
                              Сир алаһатыгар эргиллэр.



                    Ыйытыылар уонна сорудахтар
                1.  Кэрэ, Сырдык, Үйэлээх диэн философскай өйдөбүлгэ поэзия
                   кыаҕын ырытыҥ, тоҕо хоһооҥҥо киһи ис туруга, иэйиитэ,
                   санаа  оонньооһуна  литература  атын  жанрдарыттан  ордук
                   чаҕылхайдык хоһулларый?
                2.  Саргы Куо хоһоонноро В. Потапова, Н. Харлампьева поэзия­
                  тыттан туох уратылаахтарый?
                3.  Уустук да эбит
                   Кэрэ±э айан,
                   Дууґа кэрэтин
                   Таба тайанан
                    Ґтµі санаанан олоруу — диэн, бэйиэт үрдүк аналын туһу-
                   нан тугу этэрий?
                4.  Бэйиэт эр киһи үйэтэ кэлэрин тоҕо кэтэһэрий уонна эрэнэ-
                   рий?
                5.  Ааптар суруйар иэйиилэрин өйдүү сатааҥ. Ханнык хоһоону
                   өйгө үөрэтэргэ талыаххыт этэй, тоҕо?


                                                        АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ

                   Саргы  Куо  хоһоонноругар  айыллыбыт  ырыалары  истиҥ,
                тылын­өһүн,  уобарастаан  этиитин  ырытыһыҥ:  «Тохтообокко
                ардах түһэр…», «Махтанабын» уо.д.а.






              168
   163   164   165   166   167   168   169   170   171   172   173