Page 166 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 166

САРГЫЛАНА ВАСИЛЬЕВНА ГОЛЬДЕРОВА—САРГЫ КУО
                                          (1959)


                                         80-с  сыллартан  саҕалаан  Саргыла-
                                      на  Гольдерова-Саргы  Куо  аата  киэҥ-
                                      ник  биллэн  барбыта.  Варвара  Окоро-
                                      кова Саргы Куо сиппит-хоппут бэйиэт
                                      быһыытынан бэйэтин ураты поэтичес-
                                      кай эйгэтин айбыта диир: «Онуоха ки-
                                      ни  сүрүн  өйдөбүллэринэн  буолбут-
                                      тара:  Алаас-Сэргэ-Ат-айан-Кэрэ-Төн-
                                      нүү. Кэрэни эккирэтэн — айан, атынан
                                      айан ныы-көтө  сылдьар  поэтесса  —
                                      Саргы Куо соҕотох быһыылаах» — диэн
                                      сыанабыла  элбэҕи  этэр,  ааҕааччыга
                                      сонун,  бу  иннинэ  этиллибэтэх  санаа-
                                      ны,  уобарастары  хомоҕойдук  туһана-
             рын хайгыы бэлиэтиир.
                С. В. Гольдерова-Саргы Куо — элбэх хоһоон ааптара, кини
             айымньыларын анаан чинчийэллэр, сүгүрүйээччилэрэ ааҕыы,
             иэйии  киэһэлэрин  тэрийэннэр  бэрт  элбэх  дьону  поэзия  тула
             мунньан, истиҥ-иһирэх хоһоон эйгэтигэр киллэрэллэр. Ырыа
             буолбут  хоһооннорун  бары  таптаан  истэр  артыыстарбыт  ыл-
             лааннар киһи-аймах кутун-сүрүн тутуон туталлар.




             Ааҕыы, сэһэргэһии

                                      КЭРЭҔЭ АЙАН

                              Тіріібµт дойдум кэрэ
                              Айыл±атыгар умсугуйан,
                              Мин хоґоон айар буолбутум.
                              Тыл хомуґунугар
                              Куппун туттаран,
                              Поэзия дуолугар олохсуйбутум.

                              Санаа долгуннарынан устан,
                              Иэйии оІочотугар олорсон,
                              Ханна эрэ, ханна эрэ
                              Айаннаан иґэрбин сэрэйэрим,
                              Таптал таІаратыгар сµгµрµйэрим,

              166
   161   162   163   164   165   166   167   168   169   170   171