Page 162 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 162

Ол көрсүһүү кэннэ, сэттэ сыл буолан баран, биирдэ төлө-
             пүөнүнэн  кэпсэппиппит.  Кини  онно:  «Мин  сотору  биэс  уонум
             буолар»,  —  диэн  санаарҕаабыттыы  эппитэ.  «Биэс  уонуҥ  да
             буоллун, доҕоруом» диэн хоһоон киниэхэ анаммыт хоһооннор-
             тон  биирдэстэрэ…  Казахстаҥҥа  кэлин  хаста  да  сырыттым,
             ол эрээри кини биһиги суолбут биирдэ да тиксиспэтэ. Аныгы
             олоххо  бэрт  кыахтаахтык  дьаһанан,  ат  өрөҕөтүгэр  буолбатах,
             ат  үрдүгэр  сылдьарын  истэбин.  Мин  билигин  кинини  көр-
             сүөхпүн баҕарбаппын, итэҕэйэ сыспыт кэрэ остуоруйам үрэл-
             лэриттэн хомойуох курдукпун…
                Кини буоллар кэлэн, көстөн биэрбэтэҕэ. Ол эрээри Дьылҕа
             Хаан  аналыттан  ханна  да  куоппаккын.  Биирдэ  утары  көрөөт,
             биирдэ  саҥатын  истээт,  сонно  тута  «КИНИ»  диэн  билбитим.
             Тохсунньу  хараҥа  халлааныттан  мэник  сулус  «субурус»  гына
             сууллан, Кини биһигини иилии эргийбитэ. Биһиги бииргэ эрэ
             буоллахпытына  табылларбытын  сонно  тутатына  өйдөөбүппүт.
             Оннук буоларыгар туох да мэһэй суоҕа.
                Муус устар тиһэх күнүгэр, Маай бырааһынньыгын иннигэр,
             1980 сыллаахха бэрэспиэк устун иккиэн баран иһэрбитин со-
             тору-сотору  санаан  аһарабын.  Ханна  да  тиийэн  олоро  түһэн,
             чуумпуран кэпсэтэр, утары көрсөр кыахпыт суоҕа. Барыта мэ-
             һэйдээх,  табыгаһа  суох  этэ.  Дьиэтэ,  муннуга  суох  тапталбыт
             биһигини уулусса устун сиэтэн иһэрэ… Сааскы күн сиэдэрэй-
             дик тыгара, тыал баттахпытын имэрийэрэ. Кини миэхэ бэлэх-
             тээбит  тюльпаннара  саҥа  аһыллан  эрэллэрэ.  Сааскы  куорат
             чалбахтаах уулуссата буолбакка, таптал кэрэ тылларынан тэл-
             гэммит  киэҥ  олох  суола  биһиги  иннибитигэр  арыллара!  Ол
             эрээри туох эрэ бэрт кыра силбэспэтэҕэ, туох эрэ бэрт дуона
             суох ситимнэспэтэҕэ…
                Сыллар  аастылар.  Мин  Киниэхэ  тэҥнээх  киһини  бу  орто
             дойдуга көрсүбэтим, тапталлааҕым Кини эрэ буоларын ылын-
             ным. Мин тапталым ол сүүрбэ сыллааҕытааҕар өссө уйан, өссө
             дириҥ курдук.
                              Таптал суох быһаарыыта.
                              Таптыыгын — онон бүтэр.
                              Тоҕотун, хайдаҕын ирдэһэр
                              Туһата суох, быһыыта…
                              Таптыыгын, кини букатын да
                              Эн тапталгын аахайбатар,
                              Таптыыгын, баҕар, кини
                              Туспа аналлаах да буоллар.
                              Өйгүнэн, олох сиэринэн

              162
   157   158   159   160   161   162   163   164   165   166   167