Page 157 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 157
Кыһытан, сиилээн да ааһар
Эйигин суолгар көрсүөҕэ.
Ол да буоллар бука диэн
Сыыһаҥ, абаҥ ыараханын,
Чугастыы доҕор санныгар
Сүктэримэ барытын.
Кытаанах буол. Кытаанах.
Сыыспыт да күннэргэр.
Бэйэҥ бэйэҕэр итэҕэйэн,
Доҕотторгун эрэннэр.
Тылбытын байытабыт
Аба — кыһыы, кыйаханыы.
Муҥкук — түҥкэтэх, өс киирбэх, кыбыстанньаҥ.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. «Сахаҥ тылыгар итэҕэйээр» диэн бэйиэт кыыһыгар анабыл
хоһоонугар хатыланар тыллар суолталарын быһаарыҥ.
2. Кутуҥ-сүрүҥ кистэлэҥин,
Тапталыҥ истиҥ иэйиитин,
Дьолуҥ үрдүк өрөгөйүн,
Мунчаарыы муҥкук муҥун
Сахалыы этээр,
Сахалыы иэтээр — диэн, бэйиэт этэр түгэх санаата.
3. Тапталгын, дьолгун, кырдьыккын
Сахаҥ тылыгар итэҕэйээр,
Төрөөбүт төрүт тылгынан
Олоҕуҥ суолун солоноор! — бэйиэт бу тылларга төрөөбүт
тылыгар тапталын сэргэ өссө ханнык дириҥ санаа этиллэ-
рин быһаарыҥ.
4. Лириичэскэй дьоруой ханнык күлүүс тылларынан ийэ тыл
киһи ис туругар, уйулҕатыгар ордук дьайар күүстээҕин этэ-
рин булуҥ.
157