Page 155 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 155

НАТАЛЬЯ ИВАНОВНА ХАРЛАМПЬЕВА
                                      (1952)


            Саха  Өрөспүүбүлүкэтин  норуоду-
         най  бэйиэтэ  Наталья  Ивановна  Хар-
         лампьева  1952  сыллаахха  балаҕан
         ыйын 1 күнүгэр Дьокуускай таһынааҕы
         бөһүөлэккэ Маҕаҥҥа төрөөбүтэ.
            Литератураҕа  дьулусханнык  киир-
         битэ. 1975 сыллаахха бастакы хоһоон-
         норо  «Эдэр  коммунист»  хаһыакка  бэ -
         чээттэммиттэрэ, онтон 1976 сыллаах-
         ха  бастакы  кинигэтэ  —  «Аэроплан»
         «Чэчир» кассетаҕа тахсыбыта. Ол кэн-
         нэ  кинигэлэрэ  утуу-субуу  күн  сирин
         көрөн  испиттэрэ:  «Дьол  сибикитэ»
         (1981 с.), «Кыһыл ньургуһун» (1986 с.),
         «Дьэҥкир  киэһэ»  (1990  с.),  «Атырдьах  ыйа»  (1994  с.),  «Дьол
         кымыһа» (1999 с.), «Дьэҥкир сурук» (2001 с.), «Ночной полёт»
         (1980 с.), «Красный подснежник» (1988 с.).
            Уонча поэтическай, биир кэпсээн уонна эссе кинигэлэр аап-
         тара. Кини интимнэй уонна гражданскай лиирикэҕэ күүстээх.
         Саха  поэзиятыгар  кыра  бэйиэмэлэри  биэрбитэ.  Сорох  xo-
         hooннopo ырыа буолан ылланаллар.
            Айар  үлэтин  ситиһиитинэн  2003  сыллаахха  тахсыбыт  икки
         туомнаах  талыллыбыт  айымньылара,  араас  сылларга  тахсы-
         быт хомуурунньуктара буолаллар.
            Н. И. Харлампьева  —  Саха  хомсомуолун  уонна  Казахстан
         «Алаш» литературнай, Россия «Улахан литературнай», А. Т. Твар -
         довскай аатынан бириэмийэлэрин лауреата. Хоһоонноро нууч-
         чалыы,  казахтыы,  татардыы,  украиналыы,  английскайдыы,
         вьетнамныы тылбаастаммыттара.
            Н. Харлампьева — 1988 сыллаахха ССРС Суруйааччыларын
         сойууһун  чилиэнэ.  Россия  Суруйааччыларын  сойууһун  быра-
         былыанньатын сэкирэтээрэ.













                                                                      155
   150   151   152   153   154   155   156   157   158   159   160