Page 156 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 156

Ааҕыы, ырытыы

                              САХАҤ ТЫЛЫГАР ИТЭҔЭЙЭЭР
                               Кэпсэт хайа да тылынан:
                               Улуу Пушкинныы нууччалаа,
                               Шекспир тылыгар сүгүрүйэ
                               Английскайдыы да саҥараар.

                               Быһаарыс хайа да тылынан —
                               Дабай сыырдары, хайалары,
                               Өйүҥ-санааҥ чыпчаалынан
                               Итэҕэт хайдах кыайаргынан.

                               Арай иэйэр буолаар дуу
                               Төрөөбүт төрүт тылгынан,
                               Сахам сайдам тылынан!
                               Кутуҥ-сүрүҥ кистэлэҥин,
                               Тапталыҥ истиҥ иэйиитин,
                               Дьолуҥ үрдүк өрөгөйүн,
                               Мунчаарыы муҥкук муҥун
                               Сахалыы этээр,
                               Сахалыы иэтээр.

                               Оччоҕуна эйигинниин
                               Айбыт айылҕаҥ алгыһа
                               Аргыстаһыа мэлдьитин,
                               Ийэ тылыҥ иилии кууһан
                               Араҥаччылыа, арчылыа.

                               Тапталгын, дьолгун, кырдьыккын
                               Сахаҥ тылыгар итэҕэйээр,
                               Төрөөбүт төрүт тылгынан
                               Олоҕуҥ суолун солоноор!

                                          * * *

                               Кытаанах буол. Кытаанах.
                               Сыыспыт да күннэргэр.
                               Саҥа күүһү бул сатаан
                               Алҕаскын билинэргэр.
                               Доҕор-атас хайаан да
                               Өйүү, өйдүү сатыаҕа,

              156
   151   152   153   154   155   156   157   158   159   160   161