Page 151 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 151
с ними. Разбередил ты мне душу, солдат! Так осточертело
всё, что пытаюсь ни о чём не думать, не вспоминать. Иначе,
иирэн барыах курдукпун. Ону бу бүгүн эн… Аатыҥ кимий?
— Афоня… Ордахов диэммин.
— Дьэ ити, билистэхпит. Бэйи эрэ, оттон эн рядовой сал-
лаат хайдах манна түбэстиҥ?
— Оттон дойдубар кэллэҕим дии.
— Дойдум даа?
— Мин мантан чугас отучча көстөөх сиргэ төрөөбүтүм. Чэй
эрэ, хайа, эн биһикки көрсүбүччэ аһыахха.
Охоноон бэрэмэдэйиттэн икки хааһы ойутан таһаарбыта.
— Биирин үөлүөхпүт, биирин буһарыахпыт.
— Вот, это да! — Головин курус харахтарыгар аан бас таан
үөрүү уоттара кылахачыспыттара, кини ойон турбута, икки
илиитигэр икки хааһы ыараҥнатан көрбүтэ уонна наһаа сөҕөн
төбөтүн быһа илгистибитэ.
Өр гыныахтара дуо, үргээн туманнаан биирин буһаран, ик-
киһин Головин этиитинэн кумааҕыга суулаан, таһынан туойу-
нан сыбаан, уоттарын анныгар кумахха көмөн кэбиспиттэрэ.
Охоноон бэрэмэдэйиттэн өссө икки хааһы таһааран, бөһүөлэк-
тэн биир испиири аҕалбыта.
Оо, онно үөрэн-көтөн өрүкүһэн, тугу барытын умнубут кур-
дук Дьааҥы кыракый таас үрэҕин үрдүгэр уот аттыгар күөс
кэтэһэн олорбуттара баара! Охоноон билигин да ону санаатар
эрэ эмиэ да оччотооҕу курус үөрүүлэрин төлөнүттэн мичээр-
диир, эмиэ да сүрэҕэ нүөлүйэр. Үчүгэй да этэ, Головин эп-
питигэр диэри:
— Барытын умнуох, Севастополь эрэ, концлагерь эрэ, Даль-
строй эрэ. А ну, его к чёрту! Биһи, бу икки киһи көрсөн, уот
аттыгар үөрэ-көтө олоробут…
Ол сайын Охоноон Дулҕалаахха оттоон сайылаабыта. Күһүн,
сыарҕа хаара түспүтүн кэннэ, кэһии бөҕөлөөх Эһэ Хайаҕа кии-
рэн киһитин ыйыппытыгар:
— Головин даа? Тыый, ол киһиҥ быһайын соһуччу өлбүтэ, —
диэн соһуппуттара.
Сарсыарда хайыы сах көһүйэн хаалбыт киһини тардан көр-
бүттэр. Врач «сүрэҕэ тохтообут» диэн, бэрт судургутук бы-
һаар быт. Бүттэҕэ ол.
— Барахсаныы… — диэн, ааспат-арахпат курутуйар санаа
бокуонньугу өйдүү түстэр эрэ сырыы аайы көбөн кэлэр.
Тугу гынаары көрсүбүтүм буолуой. Аата булан-булан, бол-
151