Page 149 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 149

дэ  от  саҕатыгар  кустары  кытары  кинилэртэн  быдан  улахан
         соҕотох көтөр олороругар үөмэн киирэн ытта. Бу санаатахха,
         арааһа, маннык хоҥор буоллаҕа буолуо, арай моонньуттан сү-
         гэн дьиэтигэр илтэ. Онно дьоно үөрбүттэрин көрөн эрэ баран
         булдун суолтатын өйдөөбүтэ.
            Кэлин, сэрии кэнниттэн, хоту Верхоянскайга сылдьан булт
         бөҕөнү бултаан ахан даҕаны, ол үөрүүтэ суох булт өйгө-сүрэх-
         хэ иҥмэт эбит.
            Хоту диэ… Охоноон онно биирдэ.
            Чэ бээ, саас сааһынан. Кини онно «Дальстрой» диэн НКВД
         дьулаан  сурахтаах  тэрилтэтигэр  биир  кэмҥэ  таһаҕасчытынан
         сылдьыбыта.  Кыһын  сыарҕалаах  атынан  хоту  нэһилиэктэртэн
         эт,  балык  тиэйбиттэрэ.  Саас  суол  алдьаммытын  кэннэ  Охо-
         ноон хамнаһын аахса Эһэ Хайаҕа киирэн иһэн алта хааһы бул -
         таан  турар.  Тирии  бэрэмэдэйигэр  тэскэччи  ыҥырдан  бөһүө-
         лэккэ  киирэн,  уруккуттан  тохтуур  ыалыгар  баран  иһэн,  арай
         биир  кыһыл  баттахтаах  нуучча  хонноҕун  анныгар  бороҥ  өр-
         бөххө сууламмыты кыбынан үрэх биэрэгин диэки түһэн эрэрин
         дьик  гына  көрдө.  Икки  өттүнэн  сайгыллан  хаамар,  ити  кини
         бэркэ диэн билэр киһитэ, бээ-бээ… Головин! Киниэхэ дылы…
         Бээ, ол эрээри хайдах кини манна кэлиэй?
            — Эй, табаарыс… табаарыс! — диэн ыҥыран көрдө, киһитэ
         истибэтэ  быһыылаах,  хаар  уутунан  кылыгырайа  уста  сытар
         үрэх диэки хаама турда. Охоноон атын көнтөһүн маска эрийэ
         тутаат, киһитин ситэн ылла: Чахчы, илэ чахчы кини!.. Суох ки-
         нини билбэтэ, ону ааһан дьиксинэр курдук кэннинэн чинэрий-
         дэ.
            — Тов…, товарищ майор!
            — Что? Ты это? Ты кто такой, откуда?
            — Рядовой  сто  сорок  второй  стрелковой  бригады  Орда-
         хов! — Охоноон хаһааҥҥы эрэ курдук чиэс биэрэн, биир тыы-
         нынан түһэрдэ. — Правда, бывший рядовой.
            — Аа,  вот  что…  —  Головин,  тугу  эрэ  соһуччуну  кэтэспитэ
         туолбатаҕыттан хомойбут курдук, үөһэ тыынна, тэһийбэтэхтии
         ол-бу диэки көрбөхтөөтө. — Что, отойдём, сядем что ли?
            — Эн 142-кэ хаһааҥҥа диэри сылдьыбыккыный?
            — Саамай бүтэһигэр диэри, табаарыс майор!
            — Миигин  майор  диэмэ…  Какой  я  майор.  Көрөрүҥ  курдук
         безконвойнай хаайыылаахпын… Эн ким ротатыгар этигиний?
            — Лобода ротатыгар. Уонча буолан прикрытиеҕа хаалбып-
         пыт…
            — Онтон билиэҥҥэ түбэстигит?

                                                                      149
   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154