Page 146 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 146

мэлийэн хаалтара. Кэлин өйдүөтэххэ, ол арааһа, кинилэр ха-
             нан сыталларын чопчу билээри манёврдаммыттар эбит.
                — Уон  чаас  буолла  —  бирикээс  туолла.  Онон  хайа  диэки
             сыҕарыйан биэрэбит? — диэн, Лобода куолаһа иһиллибитэ. —
             Түүн сөптөөх сиринэн бэйэбит дьоммут диэки тоҕо көтүөхпүт.
             Билигин Ордахов Филимоновтыын прикрытиеҕа хаалаҕыт, өй-
             дөнөр дуо?
                — Өйдөнөр, табаарыс командир! — диэбитэ Филимонов ик-
             киэннэрин  оннугар  уонна  Охонооҥҥо  хараҕынан  имнэммитэ,
             кугас баттаҕын имэринэн кэбиспитэ. — Чэ, биһиги дьыалабыт
             чуолкай.  Онон  үчүгэй  аҕайдык,  түгэн  баарынан,  наҕылыйан
             аһыахха… Аны хаһан аһаталлара биллибэт.
                Охоноон оччоттон баччааҥҥа диэри бытааннык толкуйдуур
             үгэһинэн  сонно  туохха  түбэһэн  эрэллэрин  ситэ  илдьиритэн
             өйдөөмүнэ хаалбыта. Инньэ гынан аһара холкутук киһитиниин
             утарыта олордулар да, аһаан кимиритэн киирэн барбыттара.
                Дьонноро,  бүтүн  сүүһүнэн  киһилээх  ротаттан  орпут  уонтан
             тахса эрэ киһи, окуопа устун нэһиилэ өйөҥнөһөн эмиэ кинилэр
             курдук  ойом-сойом  бөлөхтөрү  батыһан,  киэһээҥҥи  боруорга
             кии рэн  симэлийбиттэрэ.  Өстөөҕү  кытары  сирэй-сирэйгэ  соч-
             чо-бачча  көрсүбэккэ,  ыстыыгынан  кэйгэлэспэккэ  эрэ,  аҥаар-
             дас  буомбаттан,  сэнэрээттэн  диэтэххэ  сөҕүмэр  сүтүк.  Түүн
             били алдьаммыт тааҥкаларын төттөрү соһон ылбыт этилэр.
                Киһи  улаханнык  куттаннаҕына,  атаҕа  сири  билбэт  курдук,
             хайдах эрэ ис-иһиттэн чэпчээн, дэгдэйэн хаалар. Уонна мэй-
             тэй баран, байааттаҥнас буолар эбит. Эбэтэр ол снаряд эстэр
             тыаһыттан кыратык дөйөн контузияламмытыттан оннуга дуу.
                Сарсыарда эмиэ өстөөх сөмөлүөттэрэ саба көтөн кэлэн ку-
             раанах  окуопалары  ытыалаан,  буомбалаан  бурҕаҥнаталлар.
             Охоноон окуопа модьоҕотугар сөрөнө сытан бэҕэһээҥҥи кур-
             дук ытыалыыр да мэлигир. Кэннилэриттэн сиргэ силлээн ба-
             ран,  илиитэ-атаҕа  сап-салыбырас  буолбутун  дьэ  билиммитэ.
             Онтон наһаа саллыбыта. Аны санаан киһи сөҕөр да бэркиһиир
             да суола. Ол алдьархай үөһүгэр сылдьан, алаатыгар, оччо оро-
             һуйуох сир баппатаҕын! Куттаныы — саамай сааттаах, саамай
             чиччик  санаа  диэн  өйдөбүлү  иҥэриммитинэн  улааппыт  киһи
             хайыай. Киһитигэр төннөн кэлбитэ Филимонов эрэйдээх атты-
             гар буомба түһэн кэп бөҕөтүн кэбилэнэ сытарын көрөн, куйа-
             хата күүрэр. Бүтүннүү кыа хааҥҥа устубут киһини бэрэбээски-
             лии  сатыыр  да  илии-атах,  ис-көҕүс  диэн  бүттэтэ  суох.  Арай
             киһитэ  өйүн  ыһыктыбат.  Бэрэбээскилиир  пакета  бүппүтүгэр
             чуолкай  баҕа йытык,  мааҕыҥҥы  немецкэй  суумкаҕа  көр  диэн

              146
   141   142   143   144   145   146   147   148   149   150   151