Page 150 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 150

— Түбэһэн… Табаарыс майор, мин дөйөн хаалбыт этим уон-
             на бүлгүммэр араанньы буолбутум кэннэ…
                — Билэбин!..  Эһигини  миномётунан  сабыта  ытыалаан  кэ-
             биспиттэрэ… Хайаттан көрбүппүт, — диэбитэ Головин үрэххэ
             муус устарын одууласпахтыы сабыстан олорбута, онтон эмис-
             кэ Охонооҥҥо эргиллибитэ.
                — Бырастыы  гын,  солдат…  Тугу  баран…  Кыраҕа  да,  ула-
             хаҥҥа  да  сымыйалаабатах  баҕайым,  вообще,  көнөтүнэн  эт-
             тэхпинэ, мин эйигин отой өйдөөбөппүн…
                — Хантан өйдүөҥүй, чааспытыгар биһиги тыһыынча кэриҥэ
             этибит дии.
                — Баһыыба  эйиэхэ,  солдат!  Баһыыба!  Өйдүүр  эбиккин.
             Оччо киһиттэн иккиэйэҕин эрэ да орпут буоллахпытына көҥүл.
             Биһиги хайаҕа тахсан уон икки күн аһыыр aha, иһэр уута суох
             сэриилэспиппит… Уон икки күн… Дьэ, сүрдээх да буолар эбит!
             Соруйан  ким  эрэ  эйигин  накаастаары  оҥорбутун  курдук  тах-
             сара абаккатыан! Көр, оруобуна икки төгүл аттыбар артилле-
             рийскай снаряд дэлби тэппитэ, мин буоллар бүүс-бүтүн туран
             кэлэбин, онтон үс сыл билиэҥҥэ… Онтон бу аҕыс сыл «Даль-
             стройга».  Ким  эрэ  соруйан  накаастаан,  ад  суолун  солоторун
             курдук.
                — Икки сыл… Улахана бүтэн кырата хаалбыт дии.
                — Суох-суох!  Мин  мантан  тахсыбатарбын  ханнык.  Тахсан
             тугу  гыныамый?  Ханна  барабыный?  Кэбиис-кэбис…  С  меня
             хватит! Хватит!
                — Тыый, таб… табаарыс…
                — Сергей диэ, Владимирович.
                — Сергей Владимирович! Эһиги ити алҕас… олох диэн… —
             Охоноон тугу эрэ этиэх буолта да сөптөөх тыл көстүбэккэ мух-
             мах барбыта.
                — Не-ет,  солдат!  Киһилии  олох  диэн  киһи  бэйэтин  дьон
             тэҥинэн  киһилии  сананыыта.  Хаһан  эрэ  мин  майор  Сергей
             Владимирович  Головин  этим.  Оттон  билигин  киммин-туохпун
             диэн мантан тахсыамый?
                — Онно эн буруйуҥ ончу суох эбээт, табаарыс майор, тыын-
             наах туоһу мин баарбын!
                — Ол  эн  биһикки  туоһуласпыппыт  да  диэн…  Дьыала  эн
             биһиккигэ да буолбатах.
                — Оччоҕо туохханый?!
                — Дьыала эн биһи тыыннаах орпуппутугар… Өскө, оо, дьол-
             лоохтор,  онно  өлбүт  буолуох…  Биһиги  ааппытын  дьоруойдар
             обелистарыгар суруйуох этилэр. Чэ, ладно! Ити хааллын! Чёрт

              150
   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154   155