Page 145 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 145
Охоноон иһэн баран тыынын арыычча ылар.
— Бу түүн сүгүннээбэттэрэ буолуо. Аны синэ биир, өстөөх
илиитигэр тыыннаах түбэспэтэх киһи… — диэбитэ Филимонов
улахан баҕайы илиитинэн Охоноону көхсүгэ таптайа-таптайа.
Охоноон хардарбатаҕа. Кини Филимонов этэрин өйдүүрүн
өйдүүрэ да адьас ылыныан, олох манан бүтэр диэн сөбүлэ-
ниэн баҕарбатаҕа. Туох эрэ хайаан да көмө дуу, туох эрэ атын
дуу, киинэҕэ көстөрүнүү, мүччү-хаччы быыһаан ылыар эрэнэрэ.
Түүн кинилэргэ туох да биллибэтэҕэ. Хата, ол оннугар муо-
раҕа иэдээннээх сэрии турбута. Хараабыллар орудиелара,
биэ рэктэн зениткалар, ньиэмэстэр дальнебойнай артиллерия-
лара тохтоло суох ытыалыыллара. Үөһэттэн парашюттаах
лаампаны быраҕан, ол сырдыгар буомбалаан, Охоноонноох
көрбүттэринэн икки-хас катеры, биир улахан крейсери тимир-
питтэрэ. Сарсыарданан им-дьим буолла.
— Ити аата эвакуация бүттэ.
— Хайдах? Оттон биһиги?
— Биһиги билигин аһыахпыт, — диэтэ Филимонов кинини
истибэтэх курдук уонна окуопаттан тахсан, алдьаммыт тааҥка
диэ ки сыылбыта.
Охоноон дөйбүт курдук сулустаах халлааны одуулуу олор-
бута. Суох, кини өлүү туһунан хайдах да сатаан санаабат.
Төһөлөөх үгүстүк кини дьоруойдуу өлүү туһунан оҥорон көр-
бүтэ буолуой? Оттон, дьиҥэр, бу ким да билбэтинэн манна
өлөн, өстөөх үрдүгүнэн үктээн ааһара абатын, атаҕастабылын
санаан хараҕын уута сарт түспүтэ.
Сотору Филимонова булан-талан аҥаар илиитигэр билээгэ-
лээх, аҥаарыгар вещмешоктаах үөрэн-көтөн кэлбитэ. Мөһөөч-
чүгүттэн халбаһы, килиэп, кэнсиэрбэ орообута.
Хас да хонукка аччыктааһын кэнниттэн дьэ, тотуохтарыгар
диэри аһаабыттара.
Халлаан сырдыар диэри сэргэстэһэ сытан, сэрииттэн адьас
ырааҕы, эйэлээх олох, дьоллоох түгэннэрин ахтыһан кэпсэп-
питтэрэ өйгө-санааҕа арахпаттык хатанан хаалбыт.
Күн лаппа үөһэ ойуута кэннилэригэр куорат диэки, муораҕа
ньиргийэр сэрии тыаһа сыыйа намырыйан барбытын туохтан
да дьиксинэ истибиттэрэ. Киһи төһө да өйүнэн өйдөөтөр син
биир эрэҥкэдийэр санаата арахпат буолар эбит.
Ньиэмэстэр аппаттан эмиэ быгыалаһан кэлбиттэрэ. Бэҕэ-
һээ ҥҥи курдук адаарыҥнаспакка эрэ онон-манан көстө-көстө
сү тэллэрэ. Кинилэр өттүлэрэ хотоол буолан, ырааска таҕыс-
таллар эрэ киһи көрөрө. Оннук икки төгүл быгыалаһан баран
145