Page 143 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 143

— Аа, ити сөмөлүөтү ытан түһэрбитиҥ курдук? Арай сатаан
         таппат киһи хайыай?
            — Ничего, аччык сылдьа түһүөҥ.
            — Онтон?
            — Онтон хоргуйан өллөҕүҥ дии.
            — Ха-ха! — Филимонов күлэн алларастыыр. — Аһыаххын ба-
         ҕардаххына, сразу табыаҥ диэ. Үчүгэй үөрэх эбит!
            — Сахалар тыла суох үөрэх дииллэр.
            — Айылҕа үөрэҕэ. Айылҕа киэнэ барыта олохтоох.
            Онтон  сиэттэрэн  Охоноон  бу  аҕыйах  түгэн  ыккардыгар
         сүрдээх дириҥник өйдөһө, киһилии чугасыһа охсубут саҥа до-
         ҕоругар Саха сирин туһунан кэпсээбитэ. Ахтыбыт санаатыгар
         тэптэрэн, кини дойдута бу күөдэл-таһаа, күдэн-туман буол бут
         сиргэ  холооно  суох  кэрэтийэн  көстүбүтэ.  Оннук  да  кэпсээ-
         тэ  быһыылааҕа.  Филимоновтыын  сэрии  кэнниттэн  хардарыта
         ыалдьыттаһыах  буолбуттара.  Маҥнай  чугастыы  Филимонов
         Ахтуватыгар  күүлэйдээн  баран,  Саха  сиригэр  айанныыллар.
         Кыайыы эрэ буоллар, билигин барыта бэрт судургу курдуга.
            Арай  онтон  иккиэн  саҥата  суох  туохха  да  омооно,  олоҕо
         суоҕу кэпсэппиттэриттэн кыбыстыбыт курдук, ах баран олор-
         буттара, иккиэн дөрүн-дөрүн үөһэ тыынан кэбиһэллэрэ.
            Ол  ыккардыгар  аллара,  налыы  истиэби  кытары  силлиһэр
         сиринэн кинилэртэн икки-үс биэрэстэ холобурунан уонтан тах-
         са  тааҥка  көстүбүтэ.  Айаннаан  иһэрдии  бэрт  холкутук,  араа -
         һа, шоссе устун субуруһан ааһа турбуттара.
            Дьон, хайдах эрэ нүксүччү түһэн, сирэйдэрэ-харахтара өһөн,
         бүттүүн бүдүгүрэн, аҕыйах күн ыккардыгар кырдьан хаалбыт-
         тыы, уку-суку туттаахтыыллара.
            — Оо  дьэ,  ити  аата  итинэн  тоҕо  көттөхтөрө!  Биһиэннэрэ
         баал лара буоллар, итиччэ субуһуохтара дуо? Оо, муҥ саатар,
         сөмөлүөт суоҕун абатын көр. Айахтарын муҥунан хайҕанар бэ-
         йэлэрэ, бу алдьархайга, хата, ким да суох! Сэрии сэриилэһэн,
         дьаһал дьаһанан бу иэдээҥҥэ тиэртэхтэрин көр!
            — Кэбис, Вася, итинник саҥарыма. Сатаммат, аны алҕас…
            — Тыллаан  биэриэхтэрэ  диэ!  Бу  алдьархайга  өлүү-сүтүү
         быыһыгар кэм да сэрэнэ сырыттахпыт. Эһигини эмиэ куттаа-
         быттар дии. Онно киһи да аҕыйах ини.
            — Тем не менее норуот өстөөҕө элбэх дииллэр.
            — Хаһыытаабатах  иһин,  саатар,  искэ  үчүгэйи  үчүгэй,  куһа-
         ҕаны  куһаҕан  диэххэ,  көстөн  турар  үрүҥү  хара  диэтэхтэринэ,
         сөбүлэһимиэххэ наада. Иначе…
            — Командирдар…

                                                                      143
   138   139   140   141   142   143   144   145   146   147   148