Page 139 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 139
Дьиҥэр, кини оннук олус туора киһи буолбатах, кэм тутуу
инженерэ, хас эмэ хотону туттарбыт, өрөмүөннэппит киһи. Бил-
лэн турар, барыта бырайыак быһыытынан, төһө да сыыһа-хал-
ты буоллар. Дэлэҕэ, бэйэтэ бырайыак оҥоро сатыа дуо?
Онтун да, бэйэтин санаатын да сопхуос дириэктэриттэн ыла
бары оройуон салалтатыгар кытары этэ сатаабытын анараа
дьон бука бары кинини муодарҕаабыттыы, судургутутан эт-
тэххэ, акаары киһи курдук көрөн кэбиһэллэрэ: «Хайдах буол-
бут оҕонньоруй? Бүтүн институттар, бүтүн министиэристибэ
билбэтэҕин кини биллим диир».
Кэлин өйдөөбүтэ — кини ыраахтан көрдөҕүнэ эрэ обургу
улахан салайааччылар эбит. Дьиҥэр, ким да тугу да толо-
ру бас билэн, бэйэтин санаатынан, өйүнэн, эппиэтинэһинэн
сала йыммат эбит. Бука бары биригэдьииртэн, дириэктэрит-
тэн ылан баран үөһээҥҥигэ диэри этиллибити толорооччулар,
хонтуруоллааччылар, чэ, быһата диспетчердэр эбит. Ким да
тугу да салайбат курдук.
Кэлтэгэй кэппиэйкэни эмти тутан дьаһайбат дьон, эгэ, бы-
райыагы уларытан, сайылык дьиэтин дуу, хотон дуу тутуохтара
дуо? Суох. Ол иһин эбитэ дуу ону-маны этэ, сүбэлии, тол-
куйдуу сатыыр киһини кыйытта көрөллөр. Үөһэттэн ыйыыны,
дьаһалы кыайан сиппэккэ сылдьан, хантан дөксө туора киһини
кытары син биир кыаллыбаты, сатамматы эрдэттэн биллэри
ыаһахтаһыллыай?
Онтон бэттэх сопхуос дириэктэрин аһына көрөр, иһигэр
сопхуос «диспетчердэрэ» диэн ааттыыр. Ол да иһин ити,
туо раттан көрдөххө ньиргийэн олороллорун иһин, дьиҥ иһи-
гэр киирдэххэ, арыычча сыккыраан-ньиккирээн олороохтуул-
лар. Дэлэҕэ даҕаны, аны аныаха диэри былыргы сүүрбэ-отут
сыллааҕы холкуостар сайылыктарын сайылык оҥостуохтара
дуо? Өтөрүнэн өрүттүбэт ыал. От кэмигэр оройуону бүтүннүү
иирдэн ыыта сыһан өрө мөхсөн, мүччү-хаччы кыстыылларын
эрэ оттууллар.
Ол эрээри төһө да кэлэйбит иһин кут-сүр батарбат. Хайдах
да бэйэни тохтотуна сатаабыт иһин, өйүҥ-санааҥ диэн олоҕо
суох идиэйэлэринэн, күдээринэ бырайыактарынан, утопия бө-
ҕөнөн толору. Дьэ, эрэй диэтэҕиҥ!
* * *
Киһи акаары да буолар эбит!
Хор, сэрии буолбутугар: «Биһиги кэммит дьэ, кэллэ», —
дэһиспиттэрэ Миитэрэйдиин. Ол иннинэ Монголияҕа уонна
139