Page 134 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 134

эргиллэн кэллим дии, — диэн, бииргэ үөскээбит үөлээннээҕит-
             тэн итинниги эрэ көһүппэтэх Охоноон түбэһиэх хардарбыта.
                — Эргиллибиккин бу көрөн олоробун. Эн анарааҥҥыны, ан-
             тах хайдах сылдьыбыккын этэбин. Онно хардарбатыҥ ээ. Мии-
             гин мээнэ кэрэхсиир диэмэ. Мин олохтоох Сэбиэскэй былаас
             уорганын быһыытынан ыйытабын.
                — Ээ, оннук эбит дии. Мин эйигин үөлээннээҕим диэн кэп-
             сэтээри гыммытым. Эн Сиэнньэ Матаахап буолбатах, эн бы-
             лаас уоргана эбиккин дии.
                — Наһаа мээнэ-мээнэ саҥарыма эрэ. Уорган да буоллахпы-
             на  тугуй?  Эн,  тоҕо  эрэ,  онуоха  кырыыланаары  гынаҕын  ээ?
             Оннук дуо, Уордаахап? Оччоҕо…
                — Оччоҕо  хайыыгын?!  Мин  эппиэттэтэр  сирдэригэр  эп-
             пиэттээн  чыыстайданан,  дөксө  саа  тутан,  Берлини  ылсан  кэ-
             лэн турабын ээ. Онтон атын ыраах сылдьыах этим…
                — Иччэтигэр көрөн иһиллиэ. Мин кэнникитин буолбатах, ин-
             никитин  ыйытабын.  Берлини  эйигинэ  да  суох  ылыах  этилэр.
             Онон киэбиримэ. Эн тылыҥ-өһүҥ дьалкыйбыт, арааһа, ньиэ мэс
             билиэнигэр өйүҥ-санааҥ отуора эмиэ хамнаабыт быһыылаах.
             Ыйытыыга  лоп  курдук  көнөтүнэн  хардарбатыҥ  быһыытынан
             ханна, хайдах сылдьыбыккын этитэр сирдэригэр тиэрдиллиэ.
             Буопсым,  күн  сарсын  оройуоҥҥа  киирэҥҥин  Ынкыбыдыга
             учуокка тур. Бүтэр онон!
                Дьэ, ол курдук кэпсэтэн тураллар, бииргэ үөскээбит үөлээн-
             нээхтиилэр  сэрии  кэнниттэн  маҥнай  көрсүһэн  бараннар.  Ол
             киэһэ түүннэри Охоноон оройуоннаабыта.
                Сарсыарда, үлэ чааһа саҕаланыытын саҕана, НКВД началь-
             нигар тиийбитэ: «Матаахап учуокка туруортара ыытта», — диэн,
             оччотооҕу соҕотох докумуонун солдатскай киниискэтин уумму-
             та. Киһитэ ону арыйбахтаан баран төттөрү биэрбитэ: «Докумуо-
             нуҥ  барыта  чуолкай.  Ол  киһи  иллэҥэ  бэрт  буолан  киэбирэр
             дуо? Түөкүннээбэккэ үлэтин сүгүн үлэлээтин».
                Охоноон Граф Биэрэгэр эдьиийэ эмээхсиҥҥэ киирэн хом-
             мута. Саараан-саараан баран, борохуотунан хоту түһэргэ са-
             наммыта. «Матаахап миигин дойдубар син биир сүгүн олордуо
             суох» диэн быһаарыммыта гынан баран, сүрүн төрүөтүнэн ол
             эрэ буолбатаҕа…
                Эбэ саҥа эстэн, мууһун суккуйа турара. Оччоҕо Граф Биэ-
             рэгэр борохуоттар кыстыыллар. Эдьиийигэр олорор мотуруос
             уолаттар кэпсэтэннэр, Охоноону биир хоту киирэр катер Жи-
             ганскайга диэри ылбыта.
                Чэ, ол туһунан туспа кэпсээн.

              134
   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139