Page 133 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 133
буолбут. Бүтэн, ааһан хаалбыт баҕайыны ороон үргэҥнэтэр
туохха наада?.. Таах сибиэ. Хара ааныттан отуора хамсаан
хаалбыт олох хантан кэлэн көнүөй? Аны кэлэн хайыыр да кыах
суох.
Сордоох илии сордоотоҕун, барыта киниттэн. Илиитэ ыал-
дьан, олох үөһүттэн соҕотохто туораан хаалыаҕыттан ыла ону-
маны ыатаран… Үлэ-хамнас үрдүгэр сылдьан, соччо үгүһү-эл-
бэҕи ыаһыйалаабат этэ. Иллэҥэ да cyoҕa. Инньэ да гынан
үгүс дьыл-күн биллибэккэ аастаҕa. Сэрии кэнниттэн номнуо
түөрт уон сыл буолла. Дьэ, дьикти. Аны эргиллэн көрдөххө,
үксэ суоҕун иһин, оччоҕо итиччэ сыл олоруом диэбэтэҕэ. Ку-
та-сүрэ тостон, кэнэҕэски эрэлэ суоҕун ааһан, бэл, кыратык
да кэрэхсээбэт, кэтэспэт, муодарҕаабат этэ.
Син биир аны туох үтүөтэ кэлиэй, биирэ-биэһэ суолтата
суох. Сылтан сыл ааһар, кыра да үөрүүттэн атын ис хоһооно
суох кэри-куру олох субуллар. «Оо, эчи хаарыаны! Хаарыан
сыллар…» — диэҕи баҕарыллар. Ити сыллар усталарыгар
киһилии олорбут буол, төһөлөөҕү оҥоруох, үлэлиэх этигиний?!
Чэ, кэбис, кэбиис-кэбис… Итинник санаатарбын эрэ ис-ис-
питтэн айманан-сайманан, олус уйадыйан барыах курдукпун.
Ити хааллын…
Киһи төттөрү даҕаны! Хор, бэрт кыратык даҕаны олоххо
«сээн» дэттэриэх курдук гынныҥ да, эбии өрө баран дөксө
былыр үйэтээҕитэ ааһан, бүтэн, баран хаалбыты хос эргитэн
«арай оннук эбитэ буоллар», «арай маннык буоллун» диэн,
оҥорон көрө-көрө, хомойуох курдуккун.
Дьиҥэр, кини бу кэлин, аҕыйах сылтан бэттэх, хаһан да
билбэтэх нус-хас олоҕун олорор… Ол да үчүгэй.
* * *
Охоноон сэрии кэнниттэн дойдутугар эргиллибитигэр Ма-
таахап Үрдүк Арыыга сэбиэттии олороро. Кубарыйбыт гимнас-
тёркатын түөһүгэр «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээлин өрүү
иилинэ сылдьара, уҥа атаҕын coho тардан хаамара киниэхэ
лоп-бааччы, дуоспуруннаах көрүҥү биэрэрэ.
Охоноону кэллэҕин иккис күнүгэр хонтуоратыгар ыҥырта-
ран ылбыта. Дьонтон истэн бүөмнээн кэпсэтээри гыннаҕа диэ-
битэ киһитэ, эрдэттэн күрдьүөттүү көрсөн, соһуппута.
— Дьэ эрэ, кырастаныын Уордаахап, кэпсээн кэбис. Ханна,
хайдах-туох сылдьан кэлбиккин, — диэн баран, дорообото-ды-
раастыйа суох чүүччү курдугунан супту көрөн олорбута.
— Туох даа? Оттон бу сирбэр-дойдубар, дьоммор-сэргэбэр
133