Page 132 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 132

туораппыта  үһү.  Онно  оҕус  бугуйбутугар,  билигин  куоракка
             олорор  Миитэрэй  ийэтэ,  кэмэ  кэлбит,  ыарахан  дьахтар  атах
             сыгынньах  муустаах  ууну  кэһэн  оҕуһу  сиэппит.  Онтукалара
             остуоруйаланан тахсыбыт. Бадаҕа, нөҥүө күнүгэр дьахтар ула-
             ханнык тымныйан ыалдьан охтор. Онтон өрүттүбэккэ эрэ, Мии-
             тэрэйи төрөтөөт, өлөн хаалаахтыыр.
                Миитэрэй  барахсан  эрэй  бөҕөнөн  киһи  буолла.  Сэрииттэн
             кэлээт, бэркэ дьулуйан үөрэнэн, билигин улахан учуонай буолла.
                Былырыын  саас  дойдуларыгар  тахсан  иккиэн  сааһаан,  ас-
             тынан: «Сааспар сынньамматахпын сынньанным», — диэн, үөрэн
             ахан  киирбитэ.  Быйыл  эмиэ  кэлиэхтээх.  Ону-маны  кэпсэтэн,
             уруккуну-хойуккуну ахтыһар үчүгэйэ бэрдэ.
                Баччааҥҥа диэри Охоноон соҕотоҕун сылдьара. Кини наар
             бэйэтин санаатын, соҕотох бэйэтин эрэ санаатын кытары өрө
             тустарга  үөрэнэн  хаалбыт.  Онон  кини  атыны  билбэт  чуҥкуй-
             бат, тутахсыйбат быһыылаах.
                Дьэ,  ол  эрээри  оҕо  эрдэҕинээҕи  доҕорун  кытары  бииргэ
             сааһаан,  кини  бэрт  үгүһү  соһуйа  арыйда.  Былыр  үйэтээҕини
             ахтыһан  сэһэргэстэхтэринэ,  биир  кэрэхсэбиллээх  түгэни  ик-
             киэн  икки  өттүттэн  ким  хайдах  өйдүүрүнэн  ситэрэн-хоторон
             биэрэллэрэ  үчүгэйэ  сүрдээх.  Кэпсээнтэн  кэпсээн  диэбиккэ
             дылы  киһи  бэйэтэ  даҕаны  эбии  тэптэн  барарга  дылы  гынар
             эбит.  Бэйэлэрэ  да  олус  тапсан,  тэбис-тэҥҥэ  туран-олорон,
             кырдьаҕас дьон сиэринэн алтахтаан, оргууй аҕай айбардаан,
             наҕылыйан абыранан ахан сааһаабыттара.
                Үчүгэй  даҕаны!  Саас  сибикитэ  билиннэр  эрэ  Охоноон  са-
             наата  көнньүөрэр.  Хонон  турдах  ахсын  уоттанан  иһэр  күнү
             кытары  тэҥҥэ  кинини  иннигэр  төрөөбүт  айылҕатыгар  тахсар
             дьоллоох түгэн кэтэһэр… Дьоллоох.
                — Дьол… Дьоллоох… — Охоноон ботугураата.
                Ити  киниэхэ  саллар  сааһын  тухары  ситтэрбэтэх  өйдөбүл.
             Дьол киниэхэ хаһан да, ханан да сыстыбатаҕа… Хата, сордоох,
             эрэйдээх олоҕу олордум диэтэҕинэ да туох баарый?
                Охоноон  уон  сэттэтигэр  диэри  олоҕун  «Дьоллоох  оҕо  саа-
             һым»  кэмэ  диэҕин,  оччотооҕу  эрэлин,  кэскилин,  тапталын,
             эдэр-чэгиэн бэйэтин бүүс-бүтүннүүтүн сэрии түҥнэри эргип-
             питэ, туох эмит сырдык баар да эбит буоллаҕына, хара хоруо-
             нан соппута. Онтон кэлин да олох быһыылаах олох суоҕа. Күн
             сырдыгын  батыһан  хайдах  сатанарынан,  хайдах  тахсарынан
             сүөдэҥнии сырыттаҕа.
                Оннугар тахсар! Бу диэн олох үһү дуо? Кини манныкка тар-
             дыспатаҕа… Дьэ, ити… Toҕo да ону-маны ыатаран. Буолбут да

              132
   127   128   129   130   131   132   133   134   135   136   137