Page 137 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 137
тэххэ, киһи сирэйиттэн-хараҕыттан тэйэн чобуота бөҕө. Аҕатын
уун-утары супту көрөн олорон:
— Хайа эрэ безупречнай репутациялаах улахан учуонайга
дылы… — диэн чап гыннарбытыгар Охоноон, соһуйбута бэр-
диттэн мах бэрдэрэн, мээнэнэн дьүккүччү көрөн кэбиспитэ.
— Чэ, биһиги онно кыһаммаппыт, — диэбитэ эмээхсин. —
Биһиэхэ кини сокуоннай расширениетын эрэ туруорсан ыл-
лын. Дьон оннооҕор буолуоҕу эргитиһэллэр.
— Ол дьон диэн… — диэн ботугураан иһэн, Миитэрэй ах
баран хаалбыта. Охоноон доҕоро ити үлүгэр хара балыыры
утарар сүгэ-балта тыллары этэрин кэтэспэхтээн баран үөһэ
тыыммыта. Төрдүн-төбөтүн билбэт бу иһэ истээх мөккүөргэ
туора киһи хайдах орооһуой?
— Эн дьону сэнээмэ, — диэн сыыйбыта эмээхсин. — Дьон-
тон үөһэ тура сатаабакка, дьону кытары тэҥҥэ булкуспут ор-
дук. Эн да дьон сиэринэн көрдөстөххүнэ, тугуҥ туллан түһүөй?
Бары көрдүүллэр. Эн эрэ үһүгүн дуо?
— Онон хайыыбын?
— Билэрдии Федотовка приёмҥа киирдэҕиҥ дии.
— Билэрдии диэхтиир да, билэр киһигиттэн көрдөһөрүҥ
дөксө ыарахаҥҥа дылы, — диэхтээбитэ Миитэрэй Охоноон-
нуун иккиэйэҕин хаалан баран. — Үс хоско бары батабыт
ээ. Бииргэ да олоруох баара. Арай хотуттар иннилэрин туох
ылыай? Эттилэр да этириэс.
— Кыыһыҥ, дьэ, чобуо оҕо эбит.
— Хайалара да киһини харыстаабат дьэбир дьон. Итин-
ник, Охоноон, мин дьиҥ иһигэр киирдэххэ дьолу, олох дьолун
билбэтэх киһибин…
— Тыый, Миитэ… Миитэрэй! Куһаҕаны саҥарба, аньыы да-
ҕаны. Хайа да ыал киҥир-хаҥыр саҥарсар баҕайы… Кэбиис,
ол аҕыйах дьолу-сору булкуйан истэххэ…
— Суох-суох, Афоня, мин ити абарбычча этэр буолбатах-
пын, — диэбитэ Миитэрэй. — Кырдьыга оннук. Билигин кэм-
синэбин… Иннибин-кэннибин көрүммэккэ кыл тыыммынан
түһэн маҕыйа-маҕыйа сүүрбүт курдук олох олорбуппун. Тугу да
өйдөөн-дьүүллээн тобулбаккабын. Таах сибиэ… Бу кэриэтин
эн курдук… Көҥүл… Кыаҕа суох эрээри сымыйанан учуонай
буола сатаабакка…
— Кэбиис, кэбис, итинник эрэ саҥарба. Аньыыны, миэхэ,
мин олохпор ымсыырымы-ы. — Охоноон долгуйан, чочумча
саҥатыттан матан умса көрөн олорбута.
137