Page 142 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 142
ноон маҥнай утаа өйдөөмүнэ, сатамматы гыннаҕым диэх кур-
дук, дьиибэргии санаан саҥарбата.
— Ким? Ким ытта диибин ээ!
— Бу, бу кини, якут Афоня ытта, — диэбитэ Рамазанов та-
таар. Лобода ойон кэлэн, Охоноону кууспалыыр.
— Молодец! Мин эйигин хайаан да наҕараадаҕа түһэриэм!
«Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээлгэ, суох, табылыннаҕына,
баҕар, «Кыһыл Сулус» уордьаҥҥа.
— Ну да, прямо уже дьоруойга диэтэҕиҥ дии, — диэн үгэр-
гиир Филимонов — тааҥканы ытар саалаах улахан баҕайы
бүттүүн кып-кыһыл баттахтаах, хаастаах, бытыктаах саастаах
сал лаат. — Штабыҥ, писарыҥ ханна баалларый? Туга да суох
быста сылдьан сымыйанан айах муҥунан наҕараада түҥэтэр
чэпчэки… Илин өттүбүтүн быһа анньыбыттар буолбатах дуо?
— Молча-ать! Ону-маны провокацияны тарҕатан, поражен-
ческай настырыанньаны тарҕатааччылары байыаннай бэрээ-
дэгинэн хайдах гыналларын билэҕин дуо?! — диэн хаһыытыыр
Лобода, бэстилиэтинэн далбаатана-далбаатана.
— Билэн-билэн… Билэрбит да ол эрэ быһыылаах…
— Вот так-то. Бирикээһи, сарсын 10 чааска диэри биир да
өстөөҕү аһарыа суохтааххытын, бары билэҕит дуо?
— Билэн… Билэн, — дэстилэр онтон-мантан аат харата уон-
на окуопа устун тарҕастылар.
Арыый уоскуйан дьэ нус-хас тыыннылар. Аһыах эбиттэр да
ас суох этэ. Филимонов хантан эрэ уу баһан аҕалан, урут соҕо-
тоҕун аһыыр бэйэтэ, бу сырыыга Охоноону ыҥыран ылбыта.
Пилоткатын толору оҕурсу, помудуор бөҕөнү булбут этэ.
Оччотооҕу кэнэниттэн кэлэммитин иһин туох истиэй, хор,
оччо аччыктаан сордоно сылдьан, кып-кыһыл помудуору быр-
дьаччы ыстаан баран, аҕынньыта түллэн, арыычча өрүһүнэн
турар. Филимонов кини оҕурсуну, помудуору урут сии илигит-
тэн наһаа сөхпүтэ:
— Тыый, оттон оччоҕо эһиги туту аһаан тыыннаах сыл-
дьаҕыт?
— Бурдугу, үүт аһы уонна сүнньүнэн эти, балыгы.
— Ол ирбэт тоҥҥо хайдах бурдук, от үүнэрий? — Филимо-
нов сымыйарҕаары гыммыта.
— Оттон сайын балтараа-икки миэтир ирэр буоллаҕа дии,
оччоҕо үүнэр, сатыахха наада. — Охонооҥҥо киэптэһэр санаа
көтөн түһэр. — Оттон от диэн буолунай.
— Чэ, баҕар, от-бурдук үүннүн. Оттон хайдах бултуугут?
— Балыгы илиминэн, булду саанан.
142