Page 147 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 147

этэн биэрбитэ. Билээгэттэн арыгы тобоҕун куруускаҕа кутта-
         ран,  сынньана-сынньана  иһэн  кэбистэ.  Сыппахтыы  түһэн  ба-
         ран эппитэ:
            — Дьоммут  ырааттахтара.  Эн  биһиги  сорукпутун  толорду-
         бут.  Онон,  Афоня,  эн  акаарылаабаккаҕын  дьоҥҥун  эккирэт.
         Миигин манаан ыт өлүүтүгэр өлүмэ. Саатар эн тыыннаах ор-
         дуоҥ этэ.
            Охоноон, истибэтэх курдук, киэр хайыһан олорбута. Тыын-
         наах киһини мэнээк быраҕан барар туһунан ахтыахтааҕар са-
         наабатах ордук.
            Олоҕу оонньуу курдук киэргэтэн эмиэ да судургутутан, эмиэ
         да оҥорон көрөн ылыныы, бэл, онно хаалбатаҕа: «Саатар үчү-
         гэй  аҕайдык  сэриилэһэн  баран  өлбүт  киһи.  Маннык  астыга
         суоҕа бэрт дии. Бу диэн сэрии үһү дуо».
            Охоноон  окуопаттан  быган,  аппа  диэки  көрбүтэ  уруккутун
         курдук уу чуумпу. «Тугу кэтэһэллэр? Toҕo атаакалаабаттарый?
         Холоон көрбөккүт ээ, хайдах эрэ тэлгиир этим», — диэн, иһи-
         гэр абара санаата, арааһа, уолугун иһигэр ньүөлүйэр, мөҕүл-
         лэҥ ниир дьиксиниини баһыйаары.
            Муора уу чуумпу ньуура, күөх тумарыгынан саба тардыммыт
         улаҕата  киниэхэ  дойдутун,  Өлүөнэ  эбэтин,  дьонун,  уон  аҕыс
         сааһыгар  диэри  олорбут  олоҕун  туһунан  санаа  буруо  курдук
         субурус гынан ааспыта…
            Кэлин, эҥин арааска түбэһэн, хаста-хаста өлөр өлүүнү өҥөй-
         бүтэ буолла да оннугу билбэтэҕэ. Киһи олус эрэйи көрдөҕүнэ,
         «сылгытыйар»  дииллэригэр  дылы,  сүөһүтүйэн,  ээл-дээлигэр
         түһэн  хаалар  быһыылааҕа.  Ол  курдук  кини  бэттибэтэх  ыраас
         кута-сүрэ  орто  дойду  уу  нуһараҥ  олоҕун  кытары  бырастыы-
         ласпыт эбит.
            Дьэ, доҕоор, халлаан оройугар киһи куйахата күүрүөх мии нэ
         ыйылас  тыаһа  улуйан  кэлэн,  окуопаларын  сиритэ-хайыта  түс
         да түс буолбат дуо?..
            Охоноон  ханна  да  барбытын  билбэккэ  хаалла,  эмискэ  ха-
         быс-хараҥа  ньим  гынна.  Төһө  өр  оннук  сыппытын  билбэтэ,
         арай кимнээх эрэ тардыалаан туруордулар, таҥаһын тэбииргэ,
         илиитин-атаҕын туппахтыырга дылылар уонна ханна эрэ өйөөн
         илтилэр.
            Аан  бастаан  кини  кулгаах  чуҥкунуур  чуумпуттан  сөхпүтэ.
         Онтон дьэ дөйбүтүн, арааһа, контузияттан истибэт буолтун ый-
         даҥардыбыта, онтон Филимоновын көрдөөн эргичиҥнээбитэ,
         ханна  да  суоҕа.  Арай  аттыларыгар  аптамааттаах  ньиэмэстэр
         холку баҕайытык хаамса сылдьалларын көрөн наһаа соһуйбута.

                                                                      147
   142   143   144   145   146   147   148   149   150   151   152