Page 148 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 148

Өстөөх  илиитигэр  киириэм  эрэ  диэн  түһээн  да  баттаппакка
             сылдьан, билиэҥҥэ түбэспитин дьэ өйдөөбүтэ.

                                          * * *
                Арай эмискэ хантан эрэ ыраахтан хаас хаҥынайарыгар ды -
             лы  дьикти  саҥаны  истэн,  дурдатыгар  кэтэх  тардыстан  бэрт
             холкутук сыппыт Охоноон олоро биэрэн, төбөтүн ньыхаччы тут-
             тан эргичиҥнии түстэ. Үөс диэкиттэн аллара баҕайынан сэттэ
             хаас даллайан иһэллэрин көрө түстэ. Саатын булгу тутан бө-
             дөҥ доруобунньуктаах ботуруону анньыталаата, кирийиэҕинэн
             кирийэн  кэтэһэн  олордо.  Хаастар  профиллары  көрдүлэр  бы-
             һыылаах, чуор баҕайытык саҥара-саҥара, субу багдаһан кэл-
             лилэр.  Охоноон  биир  саамай  бэтэрэнэн  иһэр  хааһы  иннинэн
             соҕус холоон батыһыннаран иһэн утуу-субуу ытта. Арай хааһа
             төбөтүн  оройунан  барда,  кулаачыктанан  хордоҕойго  тиийэн
             пөс  гына  түстэ.  Охоноон  саатын  эһэн  кэбиһэн  баран,  сүүрэн
             тиийэн булдун моонньуттан өрө тардан ылла.
                — Тыый, хоҥор! Бу эбэм биэрдэҕин көр!
                «Лис»  тахсан  улахана,  кыраһыабайа  да  бэрдиттэн  уонна
             өтөр-наар туппатах булдуттан Охоноон тиритиэр диэри үөрдэ.
             Имэрийэ-имэрийэ  дурдатыгар  илтэ,  кутуругун  төрдүттэн  сыа
             түүтүн  быһа  тарта.  Өйүөтүн  мөһөөччүгүн  хаһан,  сөмүйэтигэр
             арыы ымньаан ылан, хааһын тумсугар сотто.
                Маннык  улахан  хоҥору  көрбөтөх  ыраатта.  Дэҥҥэ  түбэс тэ-
             ҕинэ, дьоҕус, эриэн түөс эҥин буолааччы.
                Булт  үөрүүтэ  диэн  дьикти  даҕаны,  Охоноон  түөһүн  иһигэр
             туох эрэ ип-итии баар курдук. Ол эрээри бу үөрүү — кимниин
             эрэ,  чугас  дьоҥҥунуун  үллэстэргэ  аналлаах  үөрүү.  Билигин
             онтунан тутах. Миитэрэй көрөн олордоҕуна түһэрбит буол. Оо,
             ол  киһи  төһө  эрэ  омуннурар,  этэн  көрө-көрө  күлэн  күһүгүрэ-
             тэр этэ! Өстүбэһи ол киһи манна кэллэҕинэ уларыйан хаалар.
             Куоракка  дэҥҥэ  көрүстэххэ  симик,  бытаан  саҥалаах,  соччо
             күлбэт-үөрбэт,  көннөрү  уоһун  үмүрүччү  туттан  мүчүк-мүчүк
             гынар эрэ.
                Чэ бээ, киэһэлик кэлэр ини. Үчүгэй кэһии! Үчүгэй…
                Охонооҥҥо  олус  эрдэ,  арааһа,  сэттэлээх-аҕыстаах  уолга,
             аҕата анаан куораттан саа атыылаһан таһааран биэрбитэ. Дэ-
             лэҕэ, дьон сүөлүргүөхтэрэ дуо, уолларын наһаа атаахтык иитэн
             эрэллэр, тугунан туолуйар диэн.
                Оччоҕо  бу  дойдуга  отун-маһын  төрдө  бүтүннүү  көтөр-сүү -
             рэр. Арай иитии кэмчи. Онон хоһулаппакка мэнээк ыппаккын
             уонна хайаатар да көтөр бөдөҥүн тала сатыыгын. Арай биир-

              148
   143   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153