Page 144 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 144

Онон-манан  сиҥнибит  окуопа  устун  икки  өттүнэн  сайгыл-
             дьыйан хааман Головин майор, кэнниттэн Лобода хардыы ах-
             сын тэмтэрийэр сэниэлэрэ эстибит уонча саллааты батыһын-
             наран иһэллэрэ.
                — Биһиги  туспутунан  икки  танк  иһэллэр.  Дьэ,  кытаатыҥ,
             уолаттар. Кылаабынайа, паниката суох… Эн хайа омуккунуй? —
             диэн майор Охоноонтон ыйыппыта.
                — Саха, табаарыс майор, — диэн Лобода урут хардарда. —
             Туйгун ытааччы… Мааҕын сөмөлүөтү кини суулларбыта.
                — Бэрт! Пулемёту билэҕин дуо?
                — Билэбин, табаарыс майор.
                — Руденко, пулемёту биэр, винтовканы ыл, тааҥкалары кы-
             тары пехота кэллэҕинэ, олору быһыахха наада. Чэ, кытаатыҥ,
             уолаттар!  Эһиги  аппаҕа  саамай  чугаскыт.  Аппаттан  сэрэнээ-
             риҥ, ону батыһан кэлиэхтэрэ.
                Тааҥкалар  өтөр  көстүбүттэрэ.  Эмискэ  бөлкөй  ойуур  саҕа-
             тыттан соҕотох бууска ытан ньиргийбитэ. Утуу-субуу икки сна-
             ряд  тааҥка  иннигэр  өрө  бурҕайбыта.  Тааҥкалар,  утары  ыта-
             ыта,  тиийэн  тэпсэн  кэбистилэр  быһыылааҕа.  Сэрэйбиттэрин
             курдук, тааҥкалар аппаҕа киирбиттэрэ уонна чочумча соҕуһу-
             нан  кини лэр  иннилэринэн  күөрэйбиттэрэ.  Бу  улаханнарын!
             Мэктиэ ти гэр, сир ньиргийэргэ дылы. Тугу барытын ньимси үк-
             түөх айы лаах багдаһан кэлбиттэрэ киһини эрэ салытыннарыах
             чымаан көстүү этэ. Аны кэннилэриттэн саллааттар бытарыһан
             таҕыс тылар.  Охоноон  уҥуоҕа  халыр  босхо  баран,  мүлү-халы
             хас да уһун уочараты биэрбитигэр хаптайан биэрдилэр быһыы-
             лаах, мэлийэн хааллылар.
                Филимонов  өр  баҕайы  кыҥаан  баран,  утуу-субуу  иккитэ
             ытта. Иккиһигэр бастакы тааҥка тиһилигэ быстан кулахачыйа
             түстэ. Иккис тааҥка, ытыалыы-ытыалыы, кэннинэн чинэрийэн
             аппаҕа  киирбитэ.  Алдьаммыт  тааҥка  люга  аһыллан,  хара  та-
             ҥастаах түөрт киһи ойон тахсыбыттарын Охоноон тута охтор-
             тообута. Эмиэ Лобода ойон кэлэр.
                — Молодцы,  ребята!  Наҕараадаҕыт  бу  баар,  —  диэт,  үгүс
             кэпсэтиитэ  суох  Филимоновка  немецкэй  билээгэни  туттаран
             кэбистэ.
                — Вот, дьэ, бу — үчүгэй дьыала! — Филимонов үөрэ түһэр. —
             Хаһан кэлэрэ биллибэт мэтээлгэ бэриллибэт ас!
                Лейтенант  барбытын  кэнниттэн  Филимонов  билээгэлээх
             арыгыттан икки куруускаҕа кутар.
                — Давай, Афоня, кыайыы туһугар…
                — Чэ…

              144
   139   140   141   142   143   144   145   146   147   148   149