Page 140 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 140
финнэри кытары сэриигэ тииһиммэккэ хаалбыттарыттан кы-
һыйан ахан сылдьыбыттара. Кинилэртэн икки кылаас үрдүкү
үөрэммит Соловьёв Стёпа диэн Уус Майа уола Монголияҕа
сэриилэһэн араанньылаах, түөһүгэр Кыһыл Сулус уордьаннаах
кэлбитигэр ымсыырбыттарыан!
— Дьэ, уйан-хатан быһаарыллара кэллэ! — дэһиспиттэрэ,
туох эрэ кэтэһиилээх кэм кэлбитинии.
Өйдөрүгэр-санааларыгар наар «подвиг», наар аҥаардастыы
кыайыы-хотуу эрэ. Оттон өлүү-сүтүү, атын алдьархай кинилэр-
гэ хайа да өттүнэн сыстыа суоҕун курдук өйдүүллэрэ. Сэрии
начаас бүтүөн, оттон кинилэр албан аатыран, түөстэрин килэч-
чи уордьан, мэтээл анньынан кырата хапытаан, мойуор зва ние-
лаах эргиллиэхтэригэр саарабыл суоҕа. Ол диэн бэтэрэнэн,
көстөн турар суол, дөксө, баҕар, адьас табыллыннахтарына,
«Дьоруойу» иилинэн эбэтэр генеральскай лампаастаах бүрүү-
кэлээх төннүөхтэрэ турар дии!
Дьокуускайтан от ыйын саҥатыгар борохуотунан аттам-
мыттара. Аара Покровскайга тохтоон, от ыйын үс күнүн эргин
быһыылааҕа, биэрэккэ тахсан миитиннээн баран, стройдаан
туран араадьыйанан Сталин этиитин истибиттэрэ. Элбэх ки-
һини эбии ылан ааспыттара. Өрүс баһыгар оннук түөртэ дуу,
биэс тэ дуу тохтоон, ол аайы эбиллэн Усть-Кутка сүүсчэкэ киһи
тиийбиттэрэ. Онтон массыынанан Ангараҕа диэри уонна эмиэ
борохуотунан Иркутскайы булларбыттара. Онно Миитэрэйдээх
Охоноону дьэ, икки аҥыы туппуттара. Охоноону арҕаа диэки
аһарбыттара. Миитэрэй онно хаалбыта. Ол хаалан ый курдугу-
нан Новосибирскайдааҕы хамандыырдар кылгатыллыбыт куу-
рустарыгар үөрэнэн биир сылынан младшай лейтенант буо лан
тахсыбыт этэ.
Оттон Охоноон Сталинград чугаһыгар Ахтуба диэн муода
ааттаах ыстаансыйаҕа куугунатан тиийэн, 142-с стрелковай
биригээдэ байыаһа буолар. Аҕыйах ый онно үөрэтэн баран,
ыам ыйын саҥатыгар Новосибирскайга, онтон «Ташкент»
крейсеринэн Севастопольга үс-хас көстөөх бөһүөлэк таһы-
гар быра ҕаллар. Аара түүн үөһүн саҕана өстөөх сөмөлүөттэрэ
буом балаан сиирэ-халты түһэрэллэр. Саллааттары трюмҥа
киллэрэллэр. Оо, ол куһаҕанын! Оччотооҕу куттаммыттан ор-
дук куттал баар үһүө. Кэлин эҥин арааска түбэспитэ да оннук
буолбатаҕа. Хата, дьолго, биир да буомба таппатаҕа. Инньэ
гынан этэҥҥэ биэрэги булбуттара. Биирдии дьааһык боту-
руону сүгэн, муора эмпэркэй хааһыгар хайа үөһэ тахсан, муҥ
бөҕөнөн таас ардайдаах буорга окуопа хастан сыппыттара.
140