Page 135 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 135
Аны наҕылыйан олорон уруккуну ахтан-санаан кэллэххэ,
утарынан судургуга дылы түгэн уустугуран өтүү курдук утах-
утах арахсан өһүллэн кэлэр.
Ill
Кэмниэ кэнэҕэс кэтэһиилээх күн дьэ үүнэн, Охоноон айаҥ-
ҥа турда. Маҥнай оройуон кииниттэн икки көстөөх сайылыкка
ииппит уолун аахха тиийэн массыынатын хаалларан, аллара
арыыга сатыы киириэхтээх.
Уола аах дьиэлэрэ хатааһыннаах буолан биэрдэ. Бэйэлэрэ
үлэлэригэр, оҕолоро үөрэхтэригэр сырыттахтара.
Сэргэйгэ сиһилии сурук суруйан хаалларда. Бастакытынан,
аны үс-түөрт хонугунан Дмитрийи кэтэһэн тырааныспарынан
эбэ тэр онуоха диэри уу кэллэҕинэ, баатынан киллэрэн биэ-
риэх тээҕин уонна, иккиһинэн, сибиэһэй килиэп илдьиэхтээҕин
туһунан.
Киэһээҥҥэ диэри кэтэһиэ эбит да тулуйбата. Эбэтин бачча
ахтан-ахтан кэлэн баран, олоруо дуо? Субу-субу өрүс диэки
көрбөхтүүр.
Аны туран кийиититтэн саллар. Төһө да «тыал тыаһыныы»
истэ сатаабытын иһин кини тыла абытай. Обургу суланан-суҥ-
харан бардаҕына, бэл, дьиэ иһэ хараҥарарга дылы. Баччааҥ-
ҥа диэри бэрт судургу дьыаланы ситиспэккэ, бэтэрээнин
чэпчэтиитинэн туһаннарбатаҕыттан кинилэр олохторо төрдүт-
тэн айгыраабытын эҥин туһунан этэн-тыынан барыаҕын са-
наан, оҕонньор төбөтүн быһа илгиһиннэ.
Охоноон үрүксээгин быатыттан санныгар иилэ быраҕынна,
тирии хаалаах саатын кыбынан, үөс диэки хаама турда.
* * *
Синньигэс үөс киһи атаҕа батары түһэ сыһар көпсөркөй; ку-
маҕынан тибиллибитин туораан, Үрдүк Арыы үрдүк аартыгын
кумах эниэтин дабайан тахсарыгар аҕылаата. Сүрэҕэ бүтэҥи-
тик тэбиэлиирин аһарына сатаан, сэрэнэ соҕус оргууй аҕай
салгыны эҕирийбэхтээн, дириҥ-дириҥник өрүтэ тыыммахтыы
турда.
Онтон дьэ төбөтүн көтөҕөн, ахтылҕаннаах сирин-дойдутун
эргиччи көрөн, чочумча мичээрдии турбахтаата. Санныттан
ыараабыт сүгэһэрин түһэрэн, суол кытыытыгар сытар үс сыл-
лааҕы улахан ууга кэлэн хаалбыт устугас дүлүҥҥэ олордо.
Тоҕо эрэ, субу-субу улаханнык саҥа таһааран сонньуйа-сон-
135