Page 130 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 130
табыгастаах персонажтарынан буолаллар. Кинилэр олоҕу
дириҥник билиилэрэ, тулалыыр быһыыны-майгыны ырытан,
сыаналаан ылыныылара Н. Лугинов прозатыгар саха киһитин
кутун-сүрүн, норуот быһыытынан олоҕу көрүүтүн уус-уран-
нык уйулҕаларын туругун нөҥүө айылҕа таайыллыбат кис-
тэлэҥнэригэр итэҕэли, төрөөбүт алааска иэйиилээх тапталы,
тулалыыр эйгэттэн киһи бүүс-бүтүннүү тутулуктаах буолуутун
ааҕааччыга сатабыллаахтык ойуулаан көрдөрбүтэ.
Онон Н. Лугинов дьоруойдара олох араас көстүүтүн ис
дьи ҥин дууһаларынан, сүрэхтэринэн билэллэр. Н. Лугинов
прозатыгар олох уларыйыыта, тус-туһунан кэмнэр бэйэ-бэ-
йэлэригэр тэҥнэниллэн ойууланыыларынан сиһилэнэр. Манна
суруйааччы кэм олуктарын дьоруой өйүнэн-санаатынан, уйул-
ҕатын туругунан сыаналаан ойуулуур. Ол түмүгэр биир уоба-
рас икки өрүттээхтик арыллыытын ситиһэр. Суруйааччы ити
ураты истиилэ дыраамаларыгар, «Чыҥыс Хаан» арамааныгар
эмиэ салҕаммыттара.
П. В. Максимова
Ааҕыы, ырытыы
ҮРДҮК АРЫЫЛАР
(сэһэнтэн быһа тардыы)
Охоноон эмиэ, илиитэ ыалдьан, эрдэ баҕайы уһуктан хаал-
ла. Турбакка сытан эрэн эҥил баһыттан тоҕоноҕор диэри дэл-
би имитэ-хомута, имэринэ сыппахтаата. Арыый дьаралыйан,
ыарыыта мүлүрүйэргэ дылы гынна. Күнүс туран-олорон ор-
гууй аҕай кыраны үлэлии сырыттахха, соччо биллибэт ээ. Арай
эмискэ ыараханы көтөхтөҕүнэ, эбэтэр сатала суох соһуччу
хамсаннаҕына, «аһый» гынар.
Бүгүн үлэтин күнэ. Онон сыыйа-баайа туран чэй өрүннэ,
бэҕэһээҥҥи миин тобоҕун сылытынан истэ. Кыратык хаахтыйа
быһыытыйбытын аахсыбатахха син. Эмээхсин өрүү да күөһүн
хааһыны эрэ бэтэрээнэн хойуу гынарын хайыай? Үлэҕэ кэтэр
таҥаһын таҥнан, оргууй сыбдыйан тахсан иһэн кураанах биэ-
дэрэни таарыйбыта төкүнүйэн таҥкыныы түстэ.
Эмээхсинэ туох эрэ диэн бөрүкүтэ суоҕу хаһыытыы хаалбы-
тын истибэккэ таһырдьаны былдьаста. Туох үтүөнү эппит үһү,
истибиттээҕэр сэрэйбит ордук.
130