Page 126 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 126
муҥатыйбыта, — Тус-туһунан алаастар, үрэхтэр устун саах ба-
лаҕаҥҥа саспыт, бу эн курдук татым өйдөөх-санаалаах дьон-
нор олус үксээтилэр.
— Кураанах чап тыллааҕар топпут ис, киэһэ аһыырдаах бы-
дан ордук.
— Дьэ, ити баар! Өй-санаа күннээҕи олох кыһалҕалаах кы-
чымыттан кыайан өрө көппөт соро кэллэҕэ. Булбут эрэ мурун
анныгар, онтон ордук өйдөммөт үлүгэрэ. Атах тумсуттан ыраа-
ҕы анаарбат алдьархай.
— Мин атыны өйдүү да сатаабаппын: миэхэ, ынахпын, сыл-
гыбын хайдах сыл таһаарарым — ол мин өйбөр баар. Үрүлүй-
бүт баайбын-дуолбун үксэтэр, үлүннэрэр. Онтон ордук кыһал-
ҕа суох. Ол да сөп гынар.
— Саах иһиттэн быкпат түҥ хааһах, сынаҕа баай тыла-өһө —
ити. Суох, төрүт уус, хадаар хаҥаластар итинник суолунан өй-
дөрө-санаалара иинэ хатан иһиэ суохтаах. Ол иһин уһун ум-
сулҕаннаах олоҕу олордохпут, үтүрүлүннэрбит даҕаны үйэлэр
түгэхтэриттэн ордон кэллэхпит… Мин тылым биир: эйиэхэ
эһэҥ баайыттан ончу тугу да биэрбэппин: кини баайа, кэс
тылын курдук, атын суолга анаммыта.
Марҕа кыыһыран тилигирэйэн, сонун-бэргэһэтин үрдүгэр
түһэн, таһырдьаны былдьаспыта. Өй-санаа уостуута диэн дьэ
ити буоллаҕа. Дохсун өйбүт баайыллан, уоттаах санаабыт
умуллан, күннээҕи олох кыһалҕата үтүрүйэн, үрэх-үрэх баһын
ахсын кэнэҕэһин кэнэҕэс даҕаны итинник саах сыбахтаах ба-
лаҕантан быкпат өйдөөх-санаалаах кэччэгэй баайдар үөскүөх-
тэрэ турдаҕа. Ол иһин алаастар-үрэхтэр бастарынан быта-
рыйан-ыһыллан модун санаа бохсуллубатын, күүстээх санаа
көҕүрээбэтин туһугар бииргэ сомоҕолоһон, бииргэ түмүллэн,
күргүөм көҕү — Улуу Или тэрийиэххэ, олохтуохха баар этэ.
Албан аат уонна сынаҕа баай… Чаллаайылаах Бөдьөкө уон-
на Марҕа — тус-туһунан дьонтон төрөөбүт курдуктар.
Тыгын эдэр да эрдэҕиттэн тарайа сэлиик ат барахсан уор-
ҕатыгар үҥкүрүйбэхтээбитэ, биир сиргэ олорон сытыйа байар
туһунан билиммэт суола этэ. Албан аат барахсан, ама, ханнык-
таах баайга-дуолга атастаһыллыан сөбүй?! Эдэр эрдэҕиттэн
ол туһа диэн, Саха сирин уһаты-туора сыыйда ини, сыыйбата
ини. Кини тиийэн ыар ыалдьыт, нүһэр хоноһо буолбатах сэ-
нэх түбэтэ, алааһа, уустара хаалбатах буолуохтаах. Ол сыл-
дьан бэртэри кытта бэрт былдьаста, сорсуннаахтары кытта
сонордосто, ааттаахтары кытта ааҕыста. Кини суон сураҕа,
албан аата Саха сирин хас аартыгын ахсын атыыр оҕус буолан
126